Өскөтө Эйигин аахсыйаҕа туппут буоллахтарына, сотору кэминэн Арассыыйа суутун кытта билсиэҥ. Туох да үтүөнү кэтэһэр туһата суох: Эн туһаҕар кырдьыгы таһаарар быһаарыы тахсар кыаҕа наһаа кыра. Ол эрээри онтон сылтаан сууту суолтаҕа уурбакка буолар сатаммат. Хоромньугун кыччата сатыахтааххын, ону ааһан кыайа сатыахтааххын.
Биһиги Эйиэхэ көмөлөһө сатыахпыт — суукка юрист көмөтө ирдэнэрин туһунан сайаапката хааллар. Куһаҕана диэн, албакааттар куруук тиийбэттэр. Өскөтө Эйиэхэ көмүскээччини кыайан булбатахпытына, бу ыйыы-кэрдии административнай суукка бэйэҕин көмүскэнэргэр көмөлөһүө.
Бу административнай буруйу оҥоруу туһунан дьыалаларга ыйыы-кэрдии.
Суут туһунан миэхэ хайдах биллэриэхтэрэй
Бэбиэскэнэн эбэтэр биллэриинэн (извещение) биллэриэхтээхтэр. Докумуон аата улахан суолтата суох, мантан инньэ «бэбиэскэ» диэн тиэрмини туһаныахпыт.
Бэбиэскэҕэ ким суукка ыҥырыллара, ханнык суута, истии буолар күнэ-дьыла уонна кэмэ, дьыала нүөмэрэ ыйыллыахтаах.
Бэбиэскэ көрүҥэ:
- Уведомлениелаах заказной сурук. Сурук кэлбитин туһунан биллэрии почтаҥ дьааһыгар кэлэр, суругу сэттэ хонук иһигэр ылыахтааххын. Суругу ылбатаххына да, син биир ылбыт курдук ааҕыллаҕын.
- Телеграмма. Хаһан туппутуҥ туһунан расписка ылан баран туттарыллар.
- СМС. Маннык көрүҥ Эн бэйэҥ сөбүлэспит эрэ түгэҥҥэр (холобур полицияҕа сылдьыбыт кэмҥэр) көҥүллэнэр. Хайаан да сөбүлэспит буолуохтааххын, көннөрү нүөмэргин биэрбитиҥ аахсыллыбат.
- Төлөпүөн. Эйиэхэ суут сэкиритээрэ эрийэр уонна суут хаһан буоларын этэр. Ханнык да докумуоҥҥа бэйэҥ нүөмэргин хаалларбатах буоллаххына маннык ньыманан биллэрэр сатаммат. Өскөтө төлөпүөнү ылбатах буоллаххына, бэбиэскэни туппут курдук ааҕыллар кыаҕыҥ суох. Телефонограмма сөпкө оҥоһуллуохтаах — онно Эн төлөпүөнүҥ нүөмэрэ ыйыллыахтаах. Оннук суох буоллаҕына бэбиэскэ туттарыллыбатах курдук ааҕыллар.
- Госуслуга нөҥүө биллэрии. Сэдэхтик онно да кэлиэн сөп. Биллэрии кэлбитин кэннэ 15 хонук иһигэр аккауҥҥар киирбит буоллаххына, бэбиэскэни туппут курдук ааҕыахтарын сөп. Өскөтө аккауҥҥар киирбэтэх буоллаххына, атын ньыманнан биллэриэхтээхтэр.
Бэбиэскэ регистрацияҥ аадырыһыгар эбэтэр суругунан манна ыытаарыҥ диэн ыйбыт аадырыскар ыытыллар.
Бэбиэскэ сууттан кэлиэхтээх, полицияттан буолбатах (КоАП 29.4 ыст, 25.15 ыст.). Полиция отделыгар илии баттаабыт «Суукка кэлэр эбэһээтэлистибэ» (Обязательство о явке в суд) суут-сокуон өттүнэн күүһэ суох — онно суут буолар күнэ-дьыла уонна чааһа ыйыллыбыта оруолу оонньообот.
Ол эрээри кэлиҥҥи кэмҥэ сууттар полицияҕа илии баттаныллыбыт «Суукка кэлэр эбэһээтэлистибэни» сөпкө оҥоһуллубут биллэрии курдук көрөр буоллулар. Үксүгэр суут тутуу кэнниттэн нөҥүө күнүгэр буолар буоллаҕына оннук көстөр. Өскөтө оннук докумуоҥҥа илиигин баттаабыт буоллаххына уонна көхтөөхтүк көмүскэнэр былааннаах буоллаххына, ыйыллыбыт күн суукка тиийэр ордук, бэбиэскэ туттарыллыбатаҕын үрдүнэн.
Биллэрии эрдэ кэлиэхтээх, Эн бэлэмнэнэргэр бириэмэлээх буолуохтааххын. Ол иһин:
- Өскөтө Эйигин почтанан эрэ ыҥырбыт буоллахтарына, суут мунньаҕа извещение сытар болдьоҕо ааһа илигинэ буолуо суохтаах (ол аата биллэрии почтаҕа кэлбитин кэннэ 7 хонук).
- Суут буолар күнүгэр ыытыллыбыт биллэрии сөбө суоҕунан ааҕыллар. Суут буолуон иннинэ суукка ыҥырыы кэлбит буоллаҕына эмиэ инньэ диэххэ сөп.
- Понедельникка буолар суукка ыҥырыы субуотаҕа туттарыллыбыт буоллаҕына эмиэ эрдэ туттарыллыбатах курдук ааҕыллыан сөп.
- Хойутаан ыҥырыы — обжалование (ааһыныы) төрүөтэ, ол эрээри суукка ол күн тиийбэтэх эрэ буоллаххына. Кэлбит буоллаххына бу төрүөтүнэн ааһынар кыаҕыҥ намытыыр, арай суут мунньаҕын көһөрөр туһунан хадаатайыстыбаҕын суут туораппыт буоллаҕына шанс баар буолуон сөп.
Арай биллэрбэтэх буоллахтарына
Ыҥырыы (бэбиэскэ) быһаарсыы буолбутун кэннэ кэлэригэр эбэтэр отой да кэлбэтигэр бэлэм буол.
Үөһэ суруллубутун курдук, сөптөөхтүк биллэрбэтэх буоллахтарына уонна дьыаланы Эйигинэ суох көрбүт буоллахтарына, бу ааһыныыга (апелляция биэрэргэ) үчүгэй төрүөт буолуон сөп.
Суут хаһан буоларын бэйэҥ билэ сатыаххын сөп — ол эрээри инньэ гынар эбээһинэһиҥ суох. Эйигин суут бэйэтэ ыҥырыахтаах. Ол эрээри суут регистрацияҥ аадырыһынан биллэрэр — онно олорбот буоллаххына, суут хаһан буоларын бэйэҥ билэргэр күһэллэҕин.
Суут буолар күнүн-дьылын уонна кэмин хайдах билиэххэ сөбүй
Бастаан Эн дьыалаҕын ханнык суукка көрүөхтээхтэрин бил. Бырачыас аахсыйатыгар тутуллубут киһи дьыалата боротокуол оҥоһуллубут полиция отделыттан чугас суукка ыытыллар. Москубаҕа буолбут түгэнигэр манна көрүөххэ сөп, ол эрээри полиция отделыттан сураһар ордук. Маннык информацияны дьуһуурунай чаас биэриэн сөп, эбэтэр кэнсэлээрийэттэн дуу, административнай сокуоҥҥа инспекцияттан дуу бил диэн утаарыахтарын сөп.
Ону таһынан суут буолар кэмин Мосгорсуд саайтыгар (өскөтө Москубаҕа туппут буоллахтарына) эбэтэр Арассыыйа атын куораттарын сууттарын саайтарыгар билиэххэ сөп. Сорох саайтарга информация хойутаан тахсарын, сороҕор отой да тахсыбатын умнума.
Бу сатамматаҕына, төлөпүөннүүргэ тиийэҕин. Үгүс сууттарга администартивнай дьыаланы көрөр туспа салаа суох буолар, онон холуобунай дьыаланы көрөр салаа (отдел обеспечения судопроизводства по уголовным делам) дьарыктанар. Ол иһин онно эрий. Маннык ыйытыылары биэрэҕин:
- Эн дьыалаҥ суукка киирбит дуо? Ону билэргэ аатыҥ, боротокуол оҥоһуллубут күнэ-дьыла уонна Эйигин буруйдуур ыстатыйаларын нүөмэрэ (холобур КоАП 20.2) ирдэнэр.
- Ханнык судьуйаҕа дьыала бэриллибитэ, хаһан суут буолара.
Суут контаактарын саайтарыттан булуохха сөп.
Дьыала суукка киирбитин кэннэ суут буолуор диэри хас да күн эбэтэр нэдиэлэ ааһыан сөп. Оннук түэҥҥэ хат эрий. Кэнсэлээрийэттэн эбии судьуйа көмөлөһөөччүтүн төлөпүөнүн ылыаххын сөп, уонна суут хаһан буоларын киниттэн ыйытыаххын сөп.
Манан бүппэт. Суут хаһан буоларын билбит да буоллаххына, уонна суукка тиийбит буоллаххына, Эйигин албынныахтарын сөп — «бүгүн Эн дьыалаҥ көрүллүбэт» диэхтэрин сөп. Судьуйа көмөлөһөөччүтүттэн эбэтэр дьуһуурунай судьуйаттан суукка кэлэ сылдьыбытыҥ туһунан справката көрдөөн ыл — холобур үлэбэр эбэтэр үөрэхпэр ирдииллэр диэн сылтаан. Бу кумааҕы Эн суукка хаһан кэлэ сылдьыбыккын туоһулуоҕа. Өскөтө Эйигинэ суох дьыалаҕын көрөн кэбистэхтэринэ, бу докумуон ааһынарга, кыайарга көмөлөһүөн сөп.
Кутталлаах курдук дуу? Куттаныма — буолуон сөптөөх түбэлтэлэри барытын кэпсиибит, дьиҥ олоххо арыый судургу буолааччы.
Суукка сатаан сылдьыбат буоллахпына, хайыахтаахпыный?
Хаайыыга угуута суох ыстатыйалаах дьыала көрүллэр сууттарыгар сылдьарга сүбэлиибит. Ол эрээри сатаммат буоллаҕына маннык гыныахха сөп:
- көмүскээччини ыҥырыахха сөп. Көмүскээччини буларга көмөлөһүөхпүтүн сөп — сайаапката хааллар. Ону таһынан көмүскээччини бэйэҥ булуоххун сөп — аймахтаргыттан эбэтэр доҕотторгуттан. Административнай быраабы кэһии дьыалатыгар көмүскээччи юридическэй үөрэхтээҕэ ирдэммэт (КоАП 25.5 ыст.). Эн интэриэскин көмүскүүр киһи албакаат буолбатах буоллаҕына, нотариуска дэбиэринэс оҥоруохтааххын. Дэбиэринэс оҥоруу үксүн 1 тыһыынча солкуобай кэриҥэ буолар. Нотариуска бэйэҥ пааспарыҥ, көмүскээччи пааспарын дааннайдара ирдэнэллэр. Нотариуска «суукка толору дэбиэринэс (полная судебная доверенность) суруттараары гынабын» диэхтээххин.
- тэйиччиттэн көмүскэниэххин сөп (дистанционно). Инньэ гынарга эрдэттэн — ол аата дьыала көрүллэр күнүн иннинэ — суут экспедициятыгар быһаарыыгын уонна хадаатайыстыбаҕын биэриэхтээххин. Ону почтанан ыытыаххын сөп, ол эрээри оччоҕо тиийэр кэмэ уһаан биэрэрин учуоттаа. Бу докумуоннар тустарынан аллара көр.
- истиини көһөрөр туһунан хадаатайыстыба биэриэххэ сөп. Маны кытта сөбүлэһиэхтэрэ диэн эрэнэр сатаммат, онон тэйиччиттэн көмүскэниигэ эбии миэрэ курдук туһаныахха сөп. Манна хадаатайыстыба икки барыйаана баар: 1 барыйаан — суут аһара хойутаан биллэрбититтэн сылтаан көһөрөргө көрдөһүү, 2 барыйаан — атын ыйааһыннаах төрүөтүнэн көрдөһүү. Хадаатайыстыбаны Почта России нөҥүө ыытыахха сөп (тиэрдиллэр кэмин учуоттаан туран), биитэр бэйэҥ илдьэн биэриэххин сөп (эрдэттэн, суут буолуохтаах күнүн инниттэн).
Суукка ханнык позицияны тутуһар ордугуй — кыттыбытым эбэтэр кыттыбатаҕым?
Сууттар баһыйар үксүгэр кыттыбатаҕым диир тылларга, оннооҕор докумуоҥҥа да итэҕэйбэттэр. Онон биһиги уопуппутунан көрдөххө дьыала түмүгэ улахан уратыта суох буолар, кыттыбатаҕым да диэ, кыттыбытым да диэ (мантан туорааһын баар — сокуоннай сааһын туола иликтэр хамыыһыйалара).
Биһиги дьиҥ хайдах буолбутунан кэпсиир позицияны тутуһарга сүбэлиибит. Өскөтө саарбахтыыр буоллаххына — Конституция 51-с ыстатыйатын туһан — бэйэни утары туоһулаабат буолуу. Бастакы суукка 51-с ыстатыйаны туһаммыт түгэҥҥэр, ааһыныы суута (иккис инстанция суута) буоллаҕына хайдах позицияны тутуһаргын быһаарын (ааһыныы суутун кэмигэр саҥарбакка олорор туһата суох, онно көхтөөхтүк көмүскэнэр ордук).
Тугу өйдүүр ирдэнэрий:
1. Өскөтө бэйэҥ ханна эрэ баран испитиҥ туһунан кытаанах дакаастабыл баар буоллаҕына, накаастабыл кээмэйин кыччатар кыах баар, сороҕор дьыаланы олох да тохтотуохха сөп (отой сэдэх түгэҥҥэ). Оннук дакаастабыллар холобурдара: үлэҥ аадыһыһа ыйыллыбыт трудовой киниискэҥ куоппуйата, үлэҕиттэн 2 НДФЛ справка, үлэҥ аттыгар туппут буоллахтарына тэрилтэҥ аадырыһын бигэргэтэр докумуоннар; дьиэҥ аттыгар туппут буоллахтарына пааспарыҥ аадырыстаах куоппуйата (эбэтэр куортам дуогабара); ханна эрэ приемҥа баран испит түгэҥҥэр (балыыһаҕа/салоҥҥа/оптикаҕа/атын сиргэ) — онно суруттарбытыҥ туһунан ол тэрилтэттэн справка; үлэҥ сорудаҕынан баран сипит буоллаххына — үлэҕиттэн справка, уо. д. а. Ону таһынан кафеттан чек, видео, Яндекс GO квитанциятын уо. д. а. көрдөрүөххэ сөп.
2. «Кыттыбатаҕым» позиция Гражданскай уонна политическай быраап туһунан аан дойду пактын 21-с ыстатыйатын туһанан КПЧ-га тахсар кыаххын кыччатар. Быраапкын туһамматах буоллаххына ону кэстилэр диэн үҥсэр уустук. Ол да буоллар оннук шанс хаалар — тоҕо диэтэххэ бу тиһэҕэр диэри практиканнан тургутулла илик. Оттон атын кэһиилэри бу да сырыыга көрдөрүөххэ сөп буолар — холобур, тус бэйэҥ көҥүлгүн күөмчүлээбиттэригэр уонна сиэрдээх суукка быраапкын быспыттарыгар, ону таһынан полиция отделыгар тиэрдии уонна олордуу усулуобуйатыгар, төлөпүөҥҥүн былдьаабыттарыгар уо. д. а. Биһиги туох баар сөп түбэһэр (релевантнай) ыстатыйалары талан КПЧ-га сайаапка биэрэргэ хаһан баҕарар көмөлөһүөхпүт.
Суолталаах: кыттыбыккын билинии буруйгун билиниигэ тэҥнэспэт! «Кыттыбытым, ол эрээри буруйум суох» диэххин сөп, тоҕо диэтэххэ конституцияннан бигэргэтиллибит мунньах көҥүлүн туһунан быраапкын туһаммыккын. Буруйу билинии — ол аата кыттыбытым уонна «сыыһа быһыыламмыппын» диэн. Инньэ диэбит буоллаххына КПЧ-га барар суол сабыллар.
Позицияҕын бастакы суут инстанциятыгар быһаарынарыҥ ордук. Ол эрээри, иккис инстанцияҕа позицияҕын уларыппыт түгэҥҥэр, КПЧ-га кыайар кыах син биир хаалар. Оттон полиция отделыгар эппит позицияҕын уларытар кыах чахчы баар. «Бэйэбин кытта көмүскээччи суох буолан бу боппуруоска сүбэлэһэр кыаҕым суох этэ, уонна суут-сокуон өттүнэн суолтатын өйдөөбөт этим» диэххин сөп.
Суукка хайдах бэлэмнэнэбиний
Буруйданааччы буоларгын умун. Суукка Эн — оонньуу кыттыылааҕаҕын. Төһө бэлэмнээххин да, оччонон Эн кыайарыҥ эбэтэр хоттороруҥ тутулуктаах.
Программа-минимум
Административнай дьыалалары көрүүгэ суут боротокуол оҥорбот, онон саҥаҕынан эппитиҥ барыта болҕомтоҕо ылыллыа суоҕун сөп — ол иһин сууту кытта суругунан кэпсэт.
Манна биһиги суукка Эйиэхэ ирдэнэр докуомуоннар испииһэктэрин оҥордубут. Эйиэхэ күтүрүүр ыстатыйаларын баттаа, хачайдаан ыл, толор уонна бэчээттээ. Илии баттыыргын умнума. Бүттэ! — Эн суукка бэлэмҥин. Докумуоннар быһаарылара аллара баар.
- КоАП 19.3 ыст.
- КоАП 20.2 ыст. 1 ч.
- КоАП 20.2 ыст. 2 ч. (репост иһин) — толорон баран биһиэхэ бу аадырыска суруйан [email protected] сүбэ ыларга сүбэлиибит.
- КоАП 20.2 ыст. 5 ч.
- КоАП 20.2 ыст. 6.1 ч.
- КоАП 20.2 ыст. 8 ч.
- КоАП 20.2.2 ыст. 1 ч.
- КоАП 20.6.1 ыст. 1 ч.
- КоАП 20.3.3 ыст. 1 ч. (аахсыйаҕа тахсыы)
- КоАП 20.3.3 ыст. 2 ч.
Өскөтө Эйиэнэ атын ыстатыйа эбэтэр хас да ыстатыйа буоллаҕына (уонна көмүскээччиҥ суох буоллаҕына), биһиэхэ [email protected] аадырыска суруй — көмүскэнэр стратегияҕын таларга көмөлөһүөхпүт.
Докумуоннаргын суут экспедициятыгар эрдэттэн да, суут буолар да күнүгэр биэриэххин сөп. Экспедицияҕа биэрэргэ докумуоннарыҥ иккис экземплярдарын илдьэ сырыт, онно туппуттарын туһунан штамп туруортар. Суукка бэйэҥ экземплярдаргын илдьэ киирэр ордук, буккуллубат туһуттан.
Докуомуоннар бэчээттэммит да, илиинэн суруллубут да буолуохтарын сөп.
Хачайданар билэлэргэ (файлы) туох баарый:
1. Дьыалаҕа позицияҥ («Объяснения/Быһаарыылар»)
Бу докумуоҥҥа дьыала чахчыларын уонна суут-сокуон өттүнэн бэйэҥ позицияҕын кэпсиигин. Суут буолуон иннинэ аах, оччоҕуна судьуйа тугу ыйытарын өйдүөҥ уонна хайдах хоруйдууру билиэҥ. Суукка докумуон иккис экземплярын тутан олорор ордук.
2. Хадаатайыстыба
Биир суолталааҕы өйдөө: хадаатайыстыбаны суут булгуччу ылыннын диэн эрэ суруйбаттар, туораттын диэн эмиэ суруйаллар, — хадаатайыстыбаны болҕомтоҕо ылбатахтара кэлин ааһынарга уонна КПЧ-га тахсарга күүстээх төрүөт буолуон сөп.
Дьыала матырыйаалын кытта билсэргэ хадаатайыстыба
Билсии туһунан хадаатайыстыба халыыба манна баар
Дьыала матырыйаалларын көрөн бэйэни көмүскэнэргэ эбии аргуменнары буларга бэриллэр (холобур, боротокуол сөп түбэспэт өрүттэрин — аллара программа-максимуми диэни көр). Үс ньыманан билсиэххэ сөп:
- Суут истиитэ буола илигинэ суукка эрдэ тиийэн билсии. Бу көмүскэнии стратегиятын ордук дириҥник уонна наҕыллык толкуйдуурга кыах биэриэ. Инньэ гынарга эрдэттэн суут саайтыгар ыйыллыбыт төлөпүөннэринэн суут кэнсэлээрийэтигэр эрийэҥҥин хаһан сылдьыаххын сөбүн болдьоһуохтааххын. Оннук болдьоһуута суох киллэриэ суохтарын сөп.
- Истии күнүгэр эрдэ тиийэн дьыаланы кытта суут буолуон иннинэ билсии. Сэкиритээргэ эбэтэр көмөлөһөөччүгэ тиий — кинилэр үксүн суут буолар саалатын аттынааҕы хоско баар буолаллар. Матырыйаалы кытта билсэргэ көрдөс, көрдөөтөхтөрүнэ билсэр туһунан хадаатайыстыбата биэр.
- Билсэр туһунан хадаатайыстыбаны суут кэмигэр биэрии. Судьуйа тохтобул (перерыв) биллэриэҕэ. Дьыаланы илиигэр биэриэхтэрэ эбэтэр кэнсэлээрийэҕэ ыытыахтара — онно баран дьыаланы аҕалалларын кэтэс. Билсэн баран суут буолар саалатыгар төнүн.
Билсэргэ тугу гыныахха:
- Дьыала туох баарын хаартыскаҕа түһэр;
- ирдэбилгэ сөп түбэспэт түгэннэри көрдөө (боротокуолга илии баттааһыныҥ суох эбэтэр Эн илии баттааһыныҥ буолбатах, боротокуол эбэтэр тутуу күнэ-дьыла сөп түбэспэт, дьыалаҕа сылдьар боротокуол эйиэхэ полиция биэрбит куопуйатыттан уратылаах), рапордарга эйиэниттэн атын араспаанньа (фамилия) суруллубут. Маннык алҕастары тута туспа лиискэ (шпаргалкаҕа) сурунан ис, ол кэлин суут кэмигэр дьыала ханнык лииһигэр алҕастааҕын этэргэр туһалыа.
Көмүскээччини киллэрии туһунан хадаатайыстыба
Көмүскээччини киллэрии туһунан хадаатайыстыба халыыба манна баар.
Өскөтө көмүскээччиҥ албакаат статуһа суох буоллаҕына, ол туһунан хадаатайыстыбаны бэлэмнээн баран, суут саҕаланыытыгар ону биэрэриҥ туһунан эт. Албакаакка оннук хадаатайыстыба ирдэммэт.
Өскөтө көмүскээччи баар буоларыгар эрэммэт буоллаххына, син биир хадаатайыстыба бланкатын илдьэ тиий.
Буруйдааһыны өйүүргэ борокуруору ыҥырыы хадаатайыстыбата
Борокуоруору ыҥырыы хадаатайыстыбатын халыыба манна баар.
«Дьиҥнээх суукка» күрэстэһии тосхоло (бириинсибэ) тутуһуллуохтаах. Ол аата бырассыаска үс оонньооччу баар буолуохтаах: буруйданааччы, буруйдааччы уонна судьуйа. Буруйдааччы буруйданааччы буруйун дакаастыахтаах, буруйданааччы — көмүскэниэхтээх, оттон судьуйа — кытыга суох үөһэттэн көрөөччу буолуохтаах. Өскөтө буруйдааччы буруйу кыайан дакаастаабатаҕына, судьуйа киһини буруйа суоҕунан ааҕар.
Арассыыйаҕа административнай быраабы кэһии суутугар барыта атын. Буруйдааччы суох — кини оруолун судьуйа оонньуур, ону тэҥэ судьуйа тиһэх быһаарыыны ылар. ЕСПЧ хаста да маны Конвенцияҕа сөп түбэспэт киһи сиэрдээх суукка быраабын (право на справедливый суд) кэһии быһыытынан билинэ сылдьыбыта уонна Арассыыйаттан буруйданааччыларга компенсация төлөппүтэ. Ол эрээри систиэмэ син биир уларыйбатаҕа.
Онон хорсуннук хадаатайыстыбата биэр — син биир аккаастыахтара, ол эрээри КПЧ-га суолу арыныаҥ (ол туһунан аллара көр).
Полицейскайдары ыҥырар туһунан хадаатайыстыба
Доппуруоска полицейскайдары ыҥырар туһунан хадаатайыстыба халыыба манна баар.
Бу хадаатайыстыбанан Эн суукка Эйигин туппут полицейскайдары ыҥыттараҕын, туоһу быһыытынан көрдөрүү (показание) биэрэллэрин курдук. Полицейскайдар суукка этиилэрэ тутуу туһунан рапордарга уонна быраабы кэһии туһунан боротокуолга сурулла сылдьар чахчылартан улахан уратылаах буолуон сөп.
Маннык хадаатайыстыбаны сэдэхтик ылыналлар. Өскөтө ылыннахтарына сууту көһөрүөхтэрэ. Оччоҕуна Эйиэхэ полицейскайдарга ыйытыы бэлэмнииргэ кыах үөскүөҕэ.
Программа-максимум
Өссө маннык гыныахха сөп.
1. Болдьох ааһыытын тургутан көр
Миитин кыттааччыларын үксүн икки ыстатыйаҕа күтүрүүллэр: КоАП 19.3 уонна 20.2. Иккиэннэригэр дьыала матырыйааллара биир курдук көстөллөр, онон сорох судьуйалар ити ыстатыйалар суут-сокуон өттүнэн уратыларын булкуйан кэбиһиэхтэрин сөп. Ол эрээри бу икки ыстатыйа уратылаахтар. КоАП 20.2 ыстатыйатынан Эйигин эппиэтинэскэ тардар болдьох — боротокуол оҥоһуллубутун кэннэ биир сыл, оттон 19.3 ыстатыйанан — баара суоҕа үс эрэ ый. Ол аата бу болдьох иһигэр бастакы инстанция суута уураах кыайан таһаарбатаҕына, бу административнай дьыала Эн утары тохтотуллуохтаах. КоАП 20.2 ыстатыйатынан дьыаланы сууттар биир сыл иһигэр болдьоҕун куоттарбакка көрөллөр.
2. Быһаарыыларга («Объяснения» түһүмэххэ) боротокуоллар алҕастарын уонна процессуальнай кэһиилэри ый
Полициялар Эйиэхэ биэрбит докумуоннарын туох баарын сыныйан аах, түөрэ алҕастарын, дьиҥнээххэ сөп түбэспэт түгэннэрин бэлиэтээ. Ону «Быһаарыы» («Объяснения») диэн салааҕа суруй, итинник боротокуоллар уонна рапордар дакаастабыл буолар кыахтара суоҕун ый.
Боротокуол улахан итэҕэһинэн буолар КоАП 28.2 ыстатыйатын 2 чааһыгар көрүллүбүт дааннайдара суоҕа. Ону таһынан сокуону кэһэн туран ылыллыбыт дакаастабылы туһанар сатаммат.
КоАП 28.2 ыстатыйата. Административнай быраабы кэһии туһунан боротокуол
2. Административнай быраабы кэһии туһунан боротокуолга ыйыллар: оҥоһуллубут күнэ-дьыла уонна сирэ, оҥорбут киһи дуоһунаһа, араспаанньата уонна инициаллара, быраабы кэһии туһунан көбүтүллүбүт дьыалаҕа буруйданар киһи туһунан сибидиэнньэлэр, туоһулар уонна эмсэҕэлээччилэр баар буоллахтарына, кинилэр араспаанньалара, ааттара, аҕаларын аата, олорор сирдэрэ, административнай быраабы кэһии миэстэтэ, кэмэ, административнай быраабы кэһиигэ эппиэтинэһи көрөр бу Кодекс эбэтэр РФ субъегын сокуонун ыстатыйата, дьыала көбүтүллүбүт киһитин эбэтэр тэрилтэтин бэрэстэбиитэлин быһаарыыта, дьыала көрүллэригэр ирдэнэр атын сибидиэнньэлэр.
КоАП РФ 26.2 ыстатыйата. Дакаастабыллар
3. Административнай быраабы кэһии туһунан дьыалаҕа, ол иһигэр судаарыстыба уонна муниципалитет хонтуруолун (надзорун) иһинэн ыытыллар бэрэбиэркэ түмүктэригэр, дакаастабыллар сокуону кэһэн туран ылыллыбыт буоллахтарына, оннук дакаастабыллары туһанар сатаммат.
Суут дьыаланы төннөрөр эбэтэр тохтотор төрүөтүнэн буолар быраабы кэһиилэр холобурдара:
- административнай боротокуолга Эн илии баттааһыныҥ суох — кэннигэр эбэтэр «разъяснение прав» диэн эрэ түһүмэххэ
- боротокуолга оҥоһуллубут көннөрүүлэр утарыларыгар Эн илии баттааһыныҥ суох
- боротокуол Эн суоххар оҥоһуллубут, ол эрээри ол туһунан суруллубатах («составлен в отсутствие лица, привлекаемого к ответственности» диэн сурук суох)
- дьыала матырыйаалыгар угуллубут боротокуол Эйиэхэ полиция отделыгар биэрбит боротокуолларын куоппуйатыттан туох эрэ уратылаах, — холобур ыстатыйа атын чааһа ыйыллыбыт
- атын алҕастар — холобур, боротокуолга атын киһи ыйыллыбыт, боротокуолу полиция биир үлэһитэ саҕалаабыт уонна иннигэр бэйэтин аатын ыйбыт, оттон анныгар атын полицейскай илии баттаабыт
Маннык түгэннэргэ анаан биһиги оҥорбут үҥсүүгэ уонна быһаарыыларга эбиилэр халыыптарынан туһаныаххын сөп.
Алҕас барыта дьыаланы тохтотууга тиэрдибэт. Дьыаланы көрүү кэмигэр көннөрүллэр боротокуол итэҕэстэрэ, ону таһынан КоАП 28.5 уонна 28.8 ыстатыйаларынан көрүллэр боротокуолу оҥоруу уонна судьуйа көрүүтүгэр ыытыы болдьохторо кэһиллиитэ суолтата суоҕунан (несущественнай курдук) ааҕыллыан сөп.
3. Көмүскэл туоһуларын (защита свидетеллэрин) туһаныы
Эйигин туталларын көрбүт туоһулары була сатаа — Эн наҕыллык, эйэ-дэмнээхтик сылдьыбыккын, социальнай дистанцияны тутуһа сатаабыккын, суол массыына сылдьар сиригэр тахсыбатаххын, уонна уопсастыбаннай бэрээдэги хайдах да кэспэтэххин туоһулуон сөптөөх дьону. Туоһуларга ыйытыылары эрдэттэн бэлэмнээ. Суукка ыҥыр. Суут буола турар кэмигэр кинилэри доппуруоска ыҥырар туһунан хадаатайыстыбата биэр.
Учуоттаа: Хадатаайыстыбаҕа туоһу толору аата уонна регистрациятын аадырыһа ыйыллыбыт буолуохтаах, онтон атын суут ыҥырыыттан батыныан сөп. Ону таһынан туоһу суукка тугу быһааран биэриэн сөбүн ыйыахтааххын.
Өскөтө туоһу суут дьиэтигэр хайыы-үйэ баар буоллаҕына, судьуйа кинини ыҥырартан батынар бырааба суох. Туоһу, кинини ыҥыра иликтэринэ, суут саалатыгар баар буолуо суохтааҕын умнума. Өскөтө хадаатайыстыбаҕа аккаастаатахтарына — уһулуччу үчүгэй, КПЧ-га үҥсэргэ өссө биир кэһии үөскүө.
4. Фото уонна видео дакаастабыллары дьыалаҕа эбии (киллэрии)
Эйигин тутуу кэмигэр оҥоһуллубут хаартыскалары уонна видеолары була сатаа. Булуллубут фото- эбэтэр видео матырыйааллары носительгэ суруйар ирдэнэр (диискэ эбэтэр флешка). Фото- /видео матырыйааллары эбэр туһунан хадаатайыстыбаны биэр, ону кытта носительгын биэр. Хадаатайыстыбаҕа бу матырыйааллар тугу бигэргэтэллэрин ый (Эн аахсыйаҕа кыттыбатаххын эбэтэр кыттаргар чуумпутук, эйэлээхтик сылдьыбыккын, сокуону кэспэккэ буола сатаабыккын, суол массыына сылдьар сиригэр тахсыбатаххын уонна хайдах да уопсастыбаннай бэрээдэги кэспэтэххин көрдөрөр).
Маннык хадаатайыстыбаны матырыйаал ааптара суут саалатыгар суоҕун да иһин бириэххэ сөп. Ол эрээри хаартысканы эбэтэр видеону түһэрбит киһи туоһу быһыытынан суукка кыттара ордук. Маннык хадаатайыстыбаны биэрэргэ Эн көмүскээччиҥ эбэтэр туоһу бэйэтэ судьуйаҕа тутуу кэмигэр баарын, устууну оҥорбутун (ханнык техническэй тэрили туттубутун ыйыахтаах) уонна онтон ылан фото- эбэтэр видео матырыйааллары носительгэ көһөрбүтүн туһунан кэпсиэхтээх. Устуу кэмэ уонна миэстэтэ ыйыллыахтаах уонна устууга Эн баарыҥ туһунан этиэхтээх. Бу кэнниттэн Эн эбэтэр көмүскээччиҥ хадаатайыстыба биэрэҕит. Хадаатайыстыбаҕа аккаастаатахтарына — уһулуччу үчүгэй, КПЧ-га үҥсэргэ өссө биир кэһии үөскүүр.
5. Эппиэтинэһи кыччатар дакаастабыллары мунньуу
Миитин дьыалатынан эппиэтинэскэ тардыллыбат буолуу — сэдэх көстүү. Ол эрээри, накаастабыл кээмэйин кыччатар түгэннэр бааллар, холобур:
- Эн соҕотох төрөппүккүн
- инвалидностааххын
- ыарахан ыарыылааххын
- оҕолоргун/кырдьаҕас төрөппүттэргин/инбэлииттэри иитэҕин
- хамнаһыҥ тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах, үпкэ-харчыга ыар балаһыанньалааххын
- үлэтэ суох устудьуоҥҥун
Суут иннинэ ити түгэннэр дакаастабылларын бэлэмнээ: хамнас туһунан справка (намыһах буоллаҕына), элбэх оҕолооҕуҥ туһунан справка, ыарыыҥ туһунан справка уо. д. а.
Үпкэ-харчыга ыар балаһыанньалааххын маннык докумуоннары көрдөрөн дакаастыахха сөп:
- баай-дуол (үп-баай) баарын/суоҕун туһунан нолуогу төлөөччүлэр реестрдарыттан суруйан ылыы (выписка)
- бааннарга аһыллыбыт счеттар тустарынан справка
- бааҥҥа арыллыбыт счеттартан тиһэх ыйдар истэригэр (сыл аҥаарын иһигэр) выпискалар
- Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинигэр учуокка туруу туһунан докумуон
Үпкэ-харчыга ыарахан балаһыанньалаах буоллаххына ыстыраабы сокуон эппит алын кээмэйитэн кыра гынарга көрдөһүөххэ сөп. Ону тэҥэ ыстыраабы булгуччулаах үлэлэринэн солбуйарга көрдөһүөххэ сөп. Бу КоАП 20.2 ыстатыйатын күтүрүүр буоллахтарына ордук суолталаах, тоҕо диэтэххэ оннук түгэҥҥэ ыстыраап кээмэйэ кырата 150 тыһыынча буолар.
Умнума, административнай хаайыы (холобур, КоАП 19.3 ыстатыйатынан) ханнык да түгэҥҥэ хат дьахталларга уонна 14 сааһын туола илик оҕолоох дьахталларга, ону тэҥэ оччо саастаах оҕолордоох аҥардас аҕаларга, сокуоннай сааһын туола иликтэргэ, I уонна II курууппалаах имбэлииттэргэ, байыаннайдарга уонна байыаннай хомуурга (сборга) ыҥырыллыбыт гражданнарга хаһан да туттуллуо суохтаах. Хааччах толору испииһэгэ манна баар. Өскөтө ити испииһэккэ ыйыллыбыт бөлөхтөртөн биирдэстэригэр киирэр буоллаххына, ону бигэргэтэр докуомуоннары илдьэ сылдьыахтааххын (холобур, имбэлииттээҕиҥ туһунан справканы эбэтэр байыаннай билиэти).
Суут уопсай хаамыыта уонна эн быраабыҥ
Эҕэрдэлиибит — туох баар хааччахтары туораан бэйэҥ дьыалаҕын суукка истиигэ киирдиҥ! Аныгы кээмэйинэн — хайыы үйэ дьоруойгун. Аны суукка туох буоларын өйдүөхтээххин.
Истии иннинэ
Истии буолуон 30 мүнүүтэ иннинэ суукка кэлэр ордук. Бэйэҕин кытта ыл:
- туох баар бэлэмнээбит уонна илии баттаабыт докумуоннаргын
- пааспаргын
- ыҥырыыны (бэбиэскэни), ааҥҥа көрдөрөргө
- кумааҕыта уонна уруучуката (эбии хадаатайыстыба/үҥсүү оҥорор ирдэннэҕинэ туһалыа)
- толору иитиилээх төлөпүөн (ол иһигэр саҥаны уһултарарга)
Уһуктааҕы уонна биилээҕи тугу да ылыма, баллончиктаах эбэтэр штопордаах буоллаххына ааҥҥа былдьыахтара.
СУОЛТАЛААХ: Өскөтө туоһулардаах буоллаххына, кинилэр Эйигин кытта суукка кэлиэхтээхтэр уонна суут буолар саалатын аанын кэннигэр кэтэһиэхтээхтэр. Судьуйа туоһу суут дьиэтигэр баар буоллаҕына, кинини ыҥырартан батыныа суоҕа. Ол эрээри туоһу суут саалатыгар олорор буоллаҕына хайаан да аккаастыаҕа. Эн бэйэҥ уонна көмүскээччиҥ туоһу толору аатын-суолун билиэхтээххит, оттон туоһу бэйэтин кытта пааспарын илдьэ сылдьыахтаах.
Истии кэмигэр
Ыҥырдахтарына микрофоҥҥун холбоо. Сууттан көҥүлэ да суох аудио запись оҥорор кыахтааххын (КоАП 24.3 ыст., 3 ч.). Көҥүлү хаартыскаҕа түһэрэргэ уонна видео устарга эрэ көрдүүр ирдэнэр (онно суругунан хадаатайыстыба биэрэр ирдэнэр).
Сууту «уважаемый суд» эбэтэр «ваша честь» диэн ааттыахтааххын. Ыйытыыга хоруйдуургар уонна быһаарыы биэрэргэр турарыҥ ирдэнэр. Наҕыллык тутун, суукка ытыктабыллаахтык сыһыаннас, ол эрээри албыннаһыма, бэрт буола сатаама — Эн туох да буруйуҥ суох.
Истии саҕаланыытыгар судьуйа ханнык дьыала истиллэрин туһунан биллэрэр. Онтон судьуйа Эн лиичинэскин бигэргэтиэ уонна пааспаргын көрдөрөргө көрдөһүө, ол кэнниттэн Эн быраапкын уонна эбээһинэскин быһааран биэриэ уонна ону туоһулуур докумуоҥҥа илии баттатыа.
Дьыала матырыйаалларын көрүөн иннинэ, судьуйа Эйигиттэн сураһыа, отвод (туоратыы) оҥоруоххун баҕараргын (баҕарбаккын) уонна хадаатайыстыба биэрэргин (биэрбэккин). Ыйыппатаҕына бэйэҥ сайабылыанньата оҥор, кумааҕы куоппуйатын суукка биэр. Аккаастыыр да түгэннэригэр ол суруккун дьыалаҕа тиһэр эбээһинэстээхтэр — бу кэлин ааһынаргар суолтаны ылыа. Өскөтө эмискэ судьуйа инньэ гымматаҕына (дьолго маннык дэҥҥэ көстөр), ааһынар үҥсүүгэр (апелляционная жалоба) хайаан бу түгэни ый. Өскөтө маннык түгэн ааһынар (апелляциялыыр) суукка буолбут буоллаҕына, истии бүппүтүн кэннэ «тиһиллибэтэх» хадаатайыстыбалары кэнсэлээрийэҕэ киллэрэн биэр, уонна көҥүл формалаах үҥсүүнү суут бэрэстээтэлин аатыгар суруй.
Аан бастаан көмүскээччини киллэрэр туһунан хадаатайыстыбаны (баар буоллаҕына) уонна дьыала матырыйаалларын билсэр туһунан хадаатайыстыбаны (эрдэ билсибэтэх түгэҥҥэр) биэрэр ирдэнэр. Ол кэнниттэн атын хадаатайыстыбалары оҥор (борокуруору ыҥырар, полцейскайдары доппуруоска ыҥырар, көмүскээччи туоһуларын ыҥырар, хаартысканы/видеоны киллэрэр туһунан). Өскөтө судьуйа эрдэ сымнатар түгэннэр баалларын туһунан ыйыппатах буоллаҕына, ону эт уонна биэриэхтээх дакаастабылларгын дьыалаҕа эбэр туһунан хадаатайыстыбата биэр.
Дьэ бу кэнниттэн суут матырыйааллары кытта билсиитин саҕалыаҕа. Судьуйа куруук буоларын курдук түргэн-түргэнник баар докумуоннартан саамай сүрүн быһа тардыылары ааҕыаҕа. Ол кэнниттэн судьуйа буруйгун билинэргин ыйытыаҕа. Кытаанахтык эт: «Нет, не признаю» (Билиммэппин). Умнума, хаһан баҕарар судьуйаттан дьыалаҕа баар ханнык эмит докумуону хат көрөрүгэр көрдөһүөххүн сөп.
Бу кэнниттэн судьуйа Эйиэхэ тыл биэрэн дьыала хайдах этэй диэн кэпсииргэ этиэҕэ. Суругунан бэлэмнээбит быһаарыыларгар олоҕуран туох хайдах буолбутун саас сааһынан кэпсээн биэр — улаханнык уонна чопчутук. Өскөтө дьыалаҕар сымнатар түгэннэр баар буоллахтарына — ол туһунан тута эт уонна ону дакаастыыр докумуоннары биэр.
Салгыы туоһулары ыйытыы стадията кэлэр. Эн уонна Эн көмүскээччилэриҥ дьыалаҕа сыһыаннаах ыйытыылары биэрэр бырааптааххыт.
Өскөтө хаартысканы уонна видеону тиһэр туһунан хадаатайыстыбаҕын болҕомтоҕо ылбыт буоллахтарына, судьуйа олору көрүө уонна кэмэнтээрийдииргэр кыах биэриэ. Видеону суут саалатыгар баар экрааҥҥа көрүөхтэрэ. Элбэх түгэҥҥэ сууттар видео матрыйааллары көрөр кыах суоҕунан (отсутствие «технической возможности») сылтаан көрөртөн батыналлар. Өскөтө суут көрөрө Эн санааҕар улахан суолталаах (булгуччулаах) буоллаҕына, Эн бэйэҥ эбэтэр көмүскээччиҥ ноутбук аҕалыаххытын сөп.
Аныгыскы этаапка Эн уонна Эн көмүскээччиҥ истибиккэ бэйэҕит санааҕытын этэр бырааптааххыт: сөп түбэспэт чахчыларга болҕомто тардар, туоһулар кэпсээннэрин ханнык эрэ түгэнэ чахчыга сөп түбэспэтин, эбэтэр Эн буруйуҥ суоҕун туоһулуур чахчыларга. Анаан-минээн суут болҕомтотун тиһиллибит матырыйаалларга тардар кыахтааххын. Буруйдааһын туһунан санааҕын этэр, дьыалаҕа баар матырыйаалларга, туоһулар этиилэригэр уонна тиһиллибит докумуоннарга сигэнэн буруйдааһын сөбө суоҕун туһунан этэр кыахтааххын. Тыл этииҥ түмүгэр дьыаланы быраабы кэһии суоҕунан тохтоторго көрдөһүөхтээххин.
Бу кэнниттэн дьыаланы көрүү түмүктэниэ, уонна судьуйа быһаарыы ыларга тохтобул биллэриэ. Тохтобул төһө баҕарар үһүн буолуон сөп. Ол кэнниттэн судьуйа быһаарыыны биллэриэ.
Учуоттаа: баҕар, судьуйа суут буоларын тухары Эйиэхэ тыл биэриэ суоҕа. Отой. Ол курдук, судьуйа ханнык дьыала истиллэрин этиэ уонна тута мунньахтыыр хоско тахсан хаалыа. Оннук, бу бырассыаһы улаханнык кэһии уонна ааһынарга эбии төрүөт. Ол эрээри, хадаатайыстыба биэрээри гыммыккын кэлин дакаастыыр туһуттан истии кэнниттэн тута кэнсэлээрийэҕэ суут бэрэстээтэлин аатыгар үҥсүүтэ суруй. Бу холобур тиэкис (илиинэн да суруйуохха сөп):
Ханнык эрэ суукка (В такой-то суд)
От (аатыҥ-суолуҥ, ФИО)
Дата, время (кэмэ) состоялось заседание по делу о привлечении меня к административной ответственности по ст._____ КоАП РФ. За все заседание судья _________ (ФИО) не предоставил_а мне слово, не принял_а мои письменные объяснения, ходатайства о вызове полицейских на допрос, о вызове прокурора. Судья практически сразу ушел_ла в совещательную комнату. Прошу принять меры.
Дата, подпись (күнэ-дьыла, илии баттааһын)
Судьуйаны үҥсүү
Хомойуох иһин, сороҕор судьуйалар хаһыытыыллар уонна кэдирги быһыыланаллар (адекватнайа суохтук) быһыыланаллар. Манна туох да киһи куттанара суох: утарылаһыма, утары хаһыытаама, эмоцияҕа бэринимэ. Эйигиттэн суут кыттыылаахтара тугу этэллэрин холкутук истэр, ыйытыыларыгар хоруйдуур эрэ ирдэнэр. Умнума, Эн бырассыас хаамыытын аудиоҕа устаҕын — этика нуормаларын кэһэн этиллибит барыта агрессоры утары туһаныллыан сөп. Суут бүппүтүн кэннэ регион квалификациялыыр коллегиятыгар судьуйаны үҥсэн суруйуоххун сөп. Өскөтө бырассыас кэмигэр тыл биэрбэтэх буоллахтарына, онно эмиэ үҥсүү суруйар ирдэнэр. Үҥсүүгэр бырассыаһы аудиоҕа устуугун флешкаҕа эбэтэр диискэҕэ суруйан ук. Үҥсүү халыыба манна баар, үҥсүүгүн эбии судьуйалар сэбиэттэригэр, суут бэрэстээтэлигэр уонна административнай быраабы кэһии дьыалаларын судьуйаларын коллегиятыгар хатылыаххын сөп. Өскөтө ыйытыы үөскээтэҕинэ биһиэхэ бу аадырыска суруй [email protected]. Инньэ эрэ гынан сууттарга култуураны үрдэтэр уонна бэйэ-бэйэҕэ ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыыны киллэрэр кыахтаахпыт.
Уурааҕы ылыы туһунан
Уураах этиллибитин кэнниттэн, суут куоппуйалары оҥортоон көмүскээччигэ уонна суука тарыдыллыбт киһиэхэ бириэхтээх — ону кэтэһиэхтээххин уонна туппутуҥ туһунан илии баттыахтааххын. Өскөтө суут куоппуйаны тута баттаһан оҥорбокко хааллаҕына, ону Эйиэхэ почтанан ыытыахтара. Бу түгэҥҥэ ааһынар болдьох (10 хонук) докумуону почтаҕа туппут күҥҥүттэн ааҕыллыа. Эн уурааҕы регистрацияҕыттан атын ханнык эрэ аадырыска ыыталларын туһунан хадаатайыстыба суругунан биэрэр кыахтааххын.
Өскөтө уураах икки нэдиэлэттэн ордук кэм иһигэр кэлбэтэҕинэ, суут кэнсэлээрийэтигэр эрийэн санат.
Накаастабыл
Өскөтө Эйиэхэ ыстыраап анаабыт буоллахтарына, ону уураах күүһүгэр киирбитин кэннэ 60 хонук иһигэр төлүөхтээххин — ол аата ааһыныы түгэниттэн. Сиһилии манна көр.
Өскөтө хаайыы анаабыт буоллахтарына, суут саалатыгар тутуохтара. Хаайар түгэннэригэр тугу гынар туһунан манна аах.
Өскөтө булгуччулаах үлэлэри анаабыт буоллахтарына, бу алҕас — Конституционнай суут быһаччы быһаарыыта баар. Маны хайаан да ааһыныахтааххын, тоҕо диэтэххэ ааһыныыны кыайарга кыах улахан. Биһиги суруйбут ааһынар үҥсүүбүт халыыбыгар (аллара) оннук түгэҥҥэ туттуллар тиэкис баар.
Апелляция
Өскөтө хаайыыга сытар буоллаххына, бука диэн, ааһыныы туһунан туспа ыйыыны-кэрдиини аах.
Ааһыныы (апелляция) — бу хоттордоххуна ааһар этаабыҥ, Эйиэхэ систиэмэ иккис шанс биэрэр. Ол эрээри, дьиҥэр, ааһыныы стадиятыгар дьиҥнээх оонньуу дьэ саҕаланар. Хотор кыаҕыҥ күүскэ улаатар, оттон хотторор (ол аата бастакы инстанциятааҕар улахан накаастабылы ылар) сатаммат. Учуоттаа, ааһынар үҥсүүнү суруйуу — КПЧ көрөрүнэн саамай суолталаах түгэн.
Үҥсүүнү оройуон суутун уурааҕын туппут эбэтэр почтаттан ылбыт күҥҥүттэн 10 суукка иһигэр бэриллиэхтэх. Өскөтө уураах почтанан кэлбит түгэнигэр, оттон Эн ону 7 хонук иһигэр ылбатах буоллаххына, болдьох ол 7 хонук кэнниттэн ааҕыллар.
Биһиги үҥсүү суруйарга көмөлөһөргө бэлэммит. Бу анкетаны толорорго көрдөһөбүт. Толорбутуҥ кэннэ электрон почтанан ситимнэһиэхпит уонна бэлэм үҥсүү тиэкиһин ыытыахпыт. Анкетаны эрдэ толорор ордук, 10 хонуктаах болдьох ааһа илигинэ — төһөнөн эрдэ да, оччонон үчүгэй.
Үҥсүүнү бэйэҥ суруйуоххун баҕарар буоллаххына — халыыба манна баар. Араҕаһынан бэйэҥ толоруохтаах сирдэриҥ бэлиэтэммиттэр.
Биһиги суруйбут үҥсүүбүт «Мемориал» Быраабы көмүскүүр киинин юристарын көмөлөрүнэн КПЧ-га кэлин үҥсэр кыаҕы учуоттаан бэлэмнэннэ. Үҥсүү иһигэр полицейскайдары доппуруоска ыҥырар уонна борокуруору ыҥырар туһунан хадаатайыстыба киирдэ сылдьар.
Ону таһынан, Эн манныгы бэлэмнээн биэриэххин сөп:
- программа-максимумҥа киирэр атын хадаатайыстыбалары — бастакы инстанцияҕа баар набору, ол эрээри ааһынар инстанция суутун аатыгар (суд апелляционной инстанции)
- эбии ханнык баҕарар дакаастабыллары. Куоппуйатын эбии угар ирдэммэт
Пошлина төлөөбөккүн.
Өскөтө толору үҥсүү тиэкиһин суруйа охсор 10 хонук иһигэр табыллыбатаҕына, сатаатар кылгас үҥсүүнү (халыып), ыыт, онно эбии суругу кэлин ыытыаххын эбэтэр истии кэмигэр илдьэн биэриэххин сөп.
Хайдах бэриллэрий
Үҥсүү бэйэтэ бастакы инстанция суутугар бэриллэр — уураах таһаарбыт суукка. Үҥсүү баһыгар хаҥас өттүгэр бастакы инстанция суутун аатын суруйаҕын, оттон уҥа өттүгэр — ааһынар суут инстанциятыгар (суд апелляционной инстанции). Москубаҕа ол суутунан Мосгорсуд, Челябинскайга — Челябинскай уобалас суута уо. д. а. буолаллар. Салгыы сурук баһыгар сайабылыаннаьаах (заявитель) толору аатын уонна кини олорор сирин суруллар — ханна дьиҥнээхтик сурук тутар сириҥ аадырыһын ый. Онно ааһыныыны (апелляцияны) көрүүгэ ыҥыралларын туһунан бэбиэскэ кэлиэҕэ.
Үҥсүүнү маннык биэриэххэ сөп:
- Почта России нөҥүө описьтаах заказной суругунан. Описька (сурук иһигэр туох баарын испииһэгэ) маннык суруйаҕын «апелляционная жалоба ФИО на решение такого-то суда от такого-то числа по делу №__»
- уураах таһаарбыт оройуон суутун экспедициятыгар илдьэн биэрии. Икки экземпляры илдьэҕин — биирин биэрэҕин, иккиһигэр туппуттарын туһунан бэлиэтииллэр (суут кэнсэлээрийэтин штампата, онно туппут киһи толору аата уонна дуоһунаһа, үҥсүүнү хаһан туппуттара ыйыллар). Штампалаах экземпляр үҥсүүнү биэрбиккин дакаастыырга уонна болдьоҕун көтүппэтэххин туоһулуурга туттуллар. Суукка барыаҥ иннинэ суукка эрийэн экспедиция хайдах үлэлиирин сураһыахха сөп. Үлэлээбэт диэтэхтэринэ били үөһэ турар суут экспедициятыгар илдьиэххин сөп
Истиини хаһан аныахтарай?
Үҥсүүнү ыыппытыҥ кэннэ икки-хас нэдиэлэнэн (сороҕор ыйынан даҕаны) Эйиэхэ регистрацияламмыт эбэтэр үҥсүүгэ ыйбыт аадырыскар бэбиэскэ кэлиэҕэ. Өскөтө төлөпүөҥҥүн ыйбыт буоллаххына, сууттан төлөпүөннээн, суут буолар күнүн-дьылын уонна чааһын тылларынан этиэхтэрин сөп.
Ол да буоллар манна да «диверсия» буолуон сөп — биллэрии истии буолбутун кэннэ кэлиэн сөп, эбэтэр олох да кэлимиэн сөп.
Истиигэ кыттары дьаныардаахтык сүбэлиибит. Хайаан да кытта сатаа. Балаһыанньа куһаҕан өттүгэр син биир хайыһар кыаҕа суох — апелляциялыыр суут бастакы инстанция суута анаабытыттан улахан миэрэни аныыр кыаҕа суох — оттон үчүгэй өттүгэр хамсааһын баар буолуон сөп. Онон төһө да сөптөөхтүк биллэрбэтэхтэрин иһин, бэйэҥ көхтөөхтүк суут хаһан буоларын билэ сатаа — үөһэ ойууламмыт ньымаларынан.
Суут үҥсүүнү көрүүтэ
Апелляционнай инстанция дьыаланы саҥаттан көрөр, бастакы көрүү буолбатаҕын курдук. Суут дьыала матырыйаалларын барытын саҥаттан эрэ көрбөт, эбии дакаастабыллары уонна быһаарыылары биэриэххин эмиэ сөп, туоһулар (свидетеллэр) бэйэлэрин көрдөрүүлэрин чопчулаан биэриэхтэрин сөп. Эбии быһаарыы уонна дакаастабыл көмөтүнэн Эн бастакы инстанция суутун Эйигин буруйдуур түмүктэрэ сыыһатын арыйыаххын сөп эбэтэр дакаастабыллар ыккардыларыгар сөп түбэспэт быһыы-майгы (противоречия) баарын (быһаарыллыбатаҕын) ыйыаххын сөп.
Иккис инстанция суута оройуон суутун быһаарыытын уларыппакка хаалларыан сөп биитэр дьыаланы тохтотон ол быһаарыыны көтүрүөн сөп эбэтэр дьыаланы хат көрүүгэ төттөрү ыытыан сөп.
Апелляция биэрэр болдьоҕу көтүппүт буоллахпына
Апелляциялыыр үҥсүү биэрэр болдьоҕу сөргүтэн көрүөххэ сөп. Инньэ гынарга ыйааһыннаах төрүөт (уважительная причина) баар буолуохтаах, ол эрээри оннук төрүөт испииһэгэ сокуоҥҥа суох. Сороҕор сууттар болдьоҕу улахан төрүөтэ да суох сөргүтэллэр — ол иһин маны хаһан баҕарар туһанан көрүөххэ сөп.
Ыйааһыннаах төрүөт холобурдара:
- Бастакы инстанция суута хаһан буоларын Эйиэхэ биллэрбэтэхтэр
- Суут быһаарыыны наһаа уһуннук бэлэмнээбит, эбэтэр ону Эйиэхэ олох да ыыппатах
- Уурааҕы Эн ыйбыт аадырыскар ыыппакка, атын аадырыска ыыппыттар
- Ыарыы эбэтэр тугу да гынар кыаҕа суох турук
- Дьиэ кэргэн иһинээҕи ханнык эмит быһылааннар (семейные обстоятельства)
- Айылҕа быһылааннара уонна атын төрүөттэр
Апелляциялыыр болдьоҕу сөргүтэр туһунан хадаатайыстыба халыыба манна баар.
Өскөтө Эйигин хаайыыга уурбут буоллахтарына, онон Эн спецприемникка сыппыккыттан сылтаан болдьоҕу көтүппүт буоллаххына, онно аналлаах хадаатыйстыба халыыба манна баар.
Хадаатайыстыбаҕа эбии тоҕо болдьоҕу көтүппүккүн туоһулуур докумуоннары биэрэҕин. Апелляционнай үҥсүүлээх хадаатайыстыбаны бастакы инстанция суутун экспедициятыгар биэрэҕин эбэтэр почтанан описьтаах заказной суругунан ыытаҕын.
Ааһыныы (апелляция) кэнниттэн туох буоларый?
Өскөтө апелляция Эйигин буруйдуур уурааҕы уруккутунан хаалларбыт түгэнигэр, уонна салгыы ааһыныаххын баҕарар буоллаххына, салгыы өссө икки суут инстанциятын ааһыаххын сөп — икки кассацияны — уонна ООН Киһи быраабын араҥаччылыыр кэмитиэтигэр (КПЧ-га) тиийиэххин сөп.