Украинаҕа күүһүнэн киирии утары протест (салгыы бырачыас) акцияттан Арассыыйа куораттарыгар дьону туталлар, политическай хаайыылаах СИЗО-ҕа, колонияҕа олорор. Тутуллубуттар уонна хаайыылаахтар куһаҕан усулуобуйаҕа олороллор, ол иһин «көҥүлтэн» көмөҕө наадыйаллар. Араас учреждениеҕэ биэриини хайдах хомуйбут сөбүн бу инструкцияҕа кэпсиэхпит.
Глоссарий
Спецприёмник. ИДьМ (Ис дьыала министиэристибэтэ, эбэтэр МВД, Министерство внутренних дел) дьаһалтата, суут административнай бэрээдэгинэн көҥүлү быһыытыгар аналлаах. Суут буола илигинэ дьону полиция дьиэтигэр туталлар.
ИВC (изолятор временного содержания, эбэтэр Быстах кэмҥэ хаайар изолятор). Эмиэ ИДьМ-тыгар сыһыаннаах эрээри, бу сырыыга үгүс анала — дьайыы миэрэтэ талан ылылла илик кэмигэр, холуобунай буруйга уорбаламмыт дьон. Специприёмникка миэстэ тиийбэт буоллаҕына, административнай бэрээдэгинэн көҥүлэ быһыллыбыттары эмиэ ИВС-ка угуохтарын сөп.
СИЗО (силиэстийэ изолятора). Манна, көҥүлү быһыы уурааҕа тахсыбытын кэннэ, буруйу оҥорууга уорбаланааччыны угаллар. СИЗО-ҕа хаайыылаахтары сабыылаах камераҕа туталлар. БТФС (Буруйу толуйтарыы федеральнай сулууспата, эбэтэр ФСИН, Федеральная служба исполнения наказаний) учреждениетэ.
ШИЗО (ыстараап изолятора). Эрэһиими кэспитттэргэ аналлаах камералардаах БТФС чааһа. Онно хаайыылаах бырааба өссө күүскэ хааччахтанар.
ПКТ (помещение камерного типа, эбэтэр камера тииптээх хос). ШИЗО-ттааҕар кытаанах усулуобуйалаах колония чааһа. Онно «соруйан» эрэһиими кэһээччилэри угаллар.
Биэрии диэн тугуй?
Биэрии диэн хаайыылаахха ыытар ас-үөл. Сороҕор ИДьМ уонна БТФС учреждениелэригэр сокуонунан анаммыт нормативтары тутуспаттар, ол иһин биэрии наһаа наадалаах — холобура, суунуу-тарааны тээбиринэ тиийимиэн сөп, уунан уонна киһи аһыыр аһынан ситэри хааччахтаабаттар.
Биэриини ким баҕарар, сааһын сиппит буолла да, ыытар кыахтаах — хаайыылаах аймаҕа дуу, аймаҕа буолбатах дуу суолтата суох. Биир киһи күҥҥэ биирдэ биир эрэ хаайыылаахха биэриини ыытыан сөп.
Биэриилэри кичэйиилээхтик координациялыахха наада, тоҕо диэтэххэ ыйдааҕы ыйааһын лимитэ муҥурдаах, эбиитин сорох колонияҕа биэрии ахсаанын хааччахтыыллар. Үксүгэр итини хаайыылаах чугас уруута эбэтэр өйүүр бөлөҕө көрөр-харайар.
Аймах буолбатах буоллаххытына — бука диэн чугас дьонун кытта сөбүлэһиннэриитэ суох биэриини тэрийимэҥ. Итинник тугу эрэ ыыттаххытына, атын киһи биэриитин ылымыахтарын сөп.
Биэриилэр уопсай быраабылалара маннык түгэҥҥэ үлэлээбэт:
- иитэр колониялар (ол аата саастарын ситэ иликтэр, оҕо колониялара) хаайыылахтарыгар
- ШИЗО уонна ПКТ хаайыылахтарыгар (кинилэргэ анаан эбии хааччахтааһын баар)
- доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо, хат уонна эмиийдээх оҕолоох дьахталларга (кинилэргэ анаан сымнатыы баар)
- аһыыртан аккаастанан холодуопкалыы сылдьыбыт хаайыылаахтарга (кинилэр анал астаныахтаахтар)
Передача бюрота
Передача бюрота диэн учреждение сиригэр баар биэрии тутар кыра хос эбэтэр тутуу. Учреждение саайтыттан үлэ чааһын онно барыах иннинэ билбит ордук.
Бэйэҕин кытта ылыахха наада:
- пааспар
- уруучука
- биэриллиэхтээх ас-үөл
- бэчээттэммит биэрии сайабылыанньатын былааҥката (үрдүттэн түҥэтиэхтээхтэр эрээри, бэйэҥ ылбытыҥ ордук)
- тугу эмэ сүөкэтэр түгэннэригэр кыра полиэтилен бакыаттар
- биэриини угарга аналлаах биир-икки улахан бакыат
- убаҕас үөлгэ анаан курдары көстөр пластик бытыылкалар уонна хойуу аска анаан курдары көстөр пластик контейнер
Передача бюротугар уочарат хайдах буолааччыный?
Сорох усреждениеҕэ уочарат миэстэтин эрдэттэн электроннайдык бронялыырга наадалаах ФСИН.Окно өҥөтө үлэлиир. Сирэй уочаратынан үксүн чаас аҥарыттан үс чааска диэри кэминэн бүтүөххэ сөп. Уочарат быраабылата сир аайы атын-атын: биир сиргэ сирэй уонна электроннай уочараттар сэргэ бараллар, атын сиргэ сарсыардаттан электроннай уочараты туталлар, ол кэнниттэн биирдэ — сирэй уочараты.
Административнай бэрээдэгинэн көҥүл быстыыта уонна спецприёмник
Киһини тутан ылан автозакка олортулар
Бырачыас акциятын кэмигэр полициялар үксүн автозак туоларын кэтэһээччилэр — онтукалара хас да чаас буолуон сөп. Киһини полиция дьиэтигэр илдьэ иликтэринэ, автозак иһигэр уу, питательнай батончик, пауэрбанк, зарядтанар боруобат уонна адвокаттар контактарын биэрэн көрүҥ. Полицияттан тириэрдэрин курдук көрдөһүҥ эрээри, биэрэллэрэ кинилэр баҕаларыттан уонна эһиги дьаныаргытыттан тутулуктаах.
Киһини ИДьО-ҕа (Ис дьыала отдела) эбэтэр суукка аҕаллылар
Сороҕор полиция дьиэтигэр эбэтэр суукка туора дьону эҥин араас сылтах булан киллэрбэттэр. Ол иһин суут кэмигэр (администритивнай дьыала буоллаҕына) адвокаты ыҥыран биэриини кининэн тириэрдиэххэ наада. ИДьО-ҕа— отдел дьуһуурунайын кытта кэпсэтиҥ.
ИДьО-ҕа биэриини ылбат буоллахтарына, манна сигэниэххэ сөп:
- Арассыыйскай Бэдэрээссийэ 2012 сыл муус устар 16 күнтэн ураах 20 пууна
- ити уураах № 4 сыһыарыыта
Тутуллубут киһи толору аатын билэр, пааспаргыт баар уонна үлэ чааһыгар (үксүгэр 10:00–18:00, эбиэд 13:00–14:00) кэлбит буоллахпытына, биэриини ылыах туустаахтар.
Үлэ чааһа буолбатах буоллаҕына, дьуһуурунньайы кытта кэпсэтиэххэ наада. Кинилэр үксүгэр отделга хас да аччык киһи олорботуҥ курдук биэриини көҥүллүүллэр.
Маассабай акция кэмигэр тутуллубут дьоҥҥо көмүскээччилэри ыытымаары полициялар үгүһүн «Кириэппэс» былаан биллэрэллэр. Итинник буолла да, биэриини тириэрдэр табыллыбат кэриэтэ буолар. Ол эрээри «Кириэппэһи» тобулуохха сөп: маассабайдык дьуһуурунай аатыгар отделга эрийэн уонна суругунан үҥсүү түһэрэн. Ону кытта олохтоох салалта дьокутааттарыттан, адвокаттартан уонна КкУХ (Кэтээн көрүү уопсастыбаннай хамыыһыйа, эбэтэр ОНК, Общественная наблюдательная комиссия) чилиэннэриттэн көмө көрдүөххэ сөп. Кинилэри киллэрэллэрэ саарбах эрээри, сороҕор табыллар.
Киһини спецприёмникка уктулар
Киһини тутан баран спрецприёмникка тиэрдэллэр. Онно кини 30 күҥҥэ диэри олоруон сөп. Биэрии быраабылата приёмник аайы атын буолуон сөп, ол учреждениеттэн тутулукаах, ол иһин учреждение саайтыттан чуолкайдаабыт ордук. Биэрии ыйааһына саамай улааппыта — хаайыы кэмин устатыгар 30 килограмм, биэрии, посыылка ахсаана хааччахтаммат.
Тугу чахчы биэриээххэ сөбүй:
- быһыы килиэп
- сууска, суухара
- бирээнньик
- бэчиэнньэ уонна алкогол начыыҥката, пропитката суох кэмпиэт
- кытаанах сыыр уонна ыыһаммыт халбаһы
- уу
- суунуу-тарааныы тээбиринэ: тиис суунар суокка уона пааста, кураанах уонна инчэҕэй (испиирэ суох) салфетка, туалет кумааҕыта
- эмп (спецприёмник бырааһын рецеба булгуччулаах)
- пена көбүөр
- суорҕан уонна утуйар мөһөөх
- кинигэ
- кумааҕы, уруучука (халлаан күөх эбэтэр хара паасталаах), кэмпиэр уонна маарка
- дьыала матырыйааллара
Барыллаан хаайыы уонна СИЗО
СИЗО-ҕа ыйга биирдэ 30 килограмы бириэххэ сөп — көннөрү биэрии таһынан интернет маҕаһыыннарыттан сакаастар эмиэ ааҕыллаллар. Посылка уонна хаайыылаах бэйэтин харчытынан ылбыта барытын ахсаана ааҕыллыбат эрээри, посылка ыйааһына хааччахтаах.
Хаайыылаах эр киһи 50 килограмҥа тиийэ бэйэ астаах-үөллээх (докумуон ааҕыллыбат) буолуон сөп. Дьахтар лимитэ — 30 килограмм. Хат уонна СИЗО-ҕа 3 сааһыгар диэри оҕолоох дьахтарга лимит суох.
Провокатордар сороҕор соруйан лимити бараары хаайыылаахха туһата суох малы ыыталлааччылар. Оннук буолар түбэлтэтигэр, хаайыылаах конкретнай киһи биэриилэриттэн суругунан аккаастааныан сөп.
СИЗО-ҕа элбэх маллаах табыгаһа суоҕун өйдүөххэ наада. Бастакытынан, онно малы харайар миэстэ суоҕун кэриэтэ. Иккиһинэн, киһи колонияҕа этаптаатахтарына барытын көһөрөр ыарахан буолуо. Үсүһүнэн, колонияҕа малы былдьыыллар уонна ыскылаакка харайллар. Ону уорбатахтарына, хаайыы устатыгар син биир кэбилэнэр кутталлаах.
Тугу биэрэр көҥүллэммэтий?
Хас биирдии биэриини көрөллөр. Аһы-үөлү хостооҥ, курдары көстөр бакыакка угуҥ дииллэригэр бэлэм буолуҥ.
Бобуулаах ас испииһэгэ передача бюротун стендэлэригэр эбэтэр учреждение саайтыгар ыйаммыт буолуохтаах. Онно эбии хас биирдии СИЗО бэйэтэ устааптаах уонна «начальствоттан дьаһаллаах». Инньэ гынан ханнык ас-үөл ааһара-ааспата үлэһиттэн тутулуктаах.
Ону таһынан үгүс учреждениеҕэ кэмтэн тутулуктаах хааччахтааһын баар буолар. Холобура түргэнник буорту буолар аһы сайын биэрэр көҥүллэммэт, тоҕо диэтэххэ хас камера, бараак аайы холодильник суох.
Бобуулаах ас-үөл
- киһи доруобуйатыгар кутталлаах эбэтэр преступление орудиета буолуон сөп мал, һэк уонна ас (холобура быһах уонна зажигалка)
- сиикэй, буһаран астыырга наадыйар ас (оргуйбут уунан түргэнник буһар ас көҥүллэнэр)
- бэйэ кэнсиэрбэтэ
- сымыыт
- соус
- отон, арбуз, дыня, ананас, тэллэй
- тимир эбэтэр таас иһиттээх ас
Тугу биэрэр көҥүллэнэрий?
Ас-үөл
- улахан уҥуоҕа суох сууйуллубут фрукта — яблоко, груша; сорох сиргэ — банан, мандарин, апельсин, лимон (кыһын буоллаҕына хаайыылаах битэмиинэ тиийбэт диэн тутааччыны тылга киллэриэххэ сөп)
- оҕуруот аһа — эриэппэ луук, чеснок, моркуоп; сорох сиргэ — оҕурсу, помидор
- уҥуоҕа суох хатарыллыбыт фрукта — курага, чернослив, изюм, инжир, финик; хаҕа суох эриэхэ
- чээй — хара уонна сэбирдэх, листовой эрэ, эбилигэ суох; пакеттаах чээйи сорох эрэ сиргэ туталлар
- кофе, какао (бакыакка сүөкэтиэхтэрин сөп)
- үрүҥ куһуок саахар
- кэмпиэт, начыыҥката суох таас кэмпиэт
- бэчиэнньэ, бирээнньик, баахыла — эбилигэ, глазура, посыпката суох
- суухара, сууска, барааҥка
- килиэп
- шоколад, мармелад
- мюсли уонна эбилигэ суох хааһы (бакыакка сүөкэтиэхтэрин сөп)
- миин, лапса, түргэнник буһар хортуоппуй пюрета (сыттаах уонна амтаннах тума эбилигэ суох)
- сырокопчёнай халбаһы (үксүгэр быһыллыбытан эрээри, сороҕор бүтүнү ирдиэхтэрин сөп), буһарыллан ыыһаммыт халбаһы (кыһын эрэ көҥүллэнэр), ыыһаммыт балык (уҥуоҕа суох), сыа — барыта вакуум суулаах уонна туһаныллар болдьоҕун (срок годности) туһунан суруктаах маҕаһыын тас сыһыарыылаах (наклейка) буолуохтаах
- курдары көстөр пластик бытыылкалаах үүт (25°C итиигэ харайыллар болдьоҕо (срок хранения) 10 күнтэн кыра буолуо суохтаах)
- иһэргэ аналлаах бутылкалаах йогурт, иэдьэгэй (творог) (эбилигэ суох, 25°C итиигэ өр харалайыллар)
- ынах арыыта, кытаанах сыыр (харайыллар болдьохтоох фирма хаатыгар)
- глазурдаах сырок
- сороҕор суок уонна тетрапак хаалаах утах көҥүллэнэр эрээри, чуолкайдаабыт ордук
- сороҕор эт уонна балык кэнсиэрбэтин кытта күҥүллүүллэр
Ас-үөл барыта курдары көстөр полиэтилен бакыакка эбэтэр харалайыллар болдьохтоох фирма хаатыгар буолуохтаах. Сорох учреждениеҕэ аһы-үөлү эрдэттэн суулаан аҕалыахха сөп, оттон сороххо передача бюротугар биирдэ сүөкүөхтээххин. Учреждение быраабылатын билбэт буоллахытына, барытын эрдэттэн хостуур, сүөкүүр, саамылыыр табыгаһа суох. Ыйаан атыыласпыт аскыт ценниктаах уонна онно ыйааһына суруллубут буолуохтаах. Рыноктан ылар түбэлтэҕэ ас ыйааһынын өйдөөн, суруйан баран атын маҕаһыыҥҥа наклейка бэчээттэтиэххэ сөп.
Суунуу-тарааныы тээбиринэ
- хаһаайыстыбаннай мыыла (бастакы сырыыга — пластик мыыла хаалаах)
- испиирэ суох кураанах уонна инчэҕэй салфетка
- шампунь, душ гелэ, хорунарга аналлаах гель (курадары көстөр пластик хаалаах эбэтэр саамылыырга аналлаах курадары көстөр бытыылкалаах)
- шарикован дезодорант (ыстарынар көҥүллэммэт, испиирэ суох уонна пластмасса хаалаах)
- пластик хаалаах кириэм
- таҥас суунар бороһуок (бакыакка сүөкэтиэхтэрин сөп)
- таҥас суунарга аналлаах пластик таас
- эрэһиинэ бэрчээкки
- иһит сууйар губка
- курдары көстөр иһит сууйар средство
- мачаалка
- соттору көҥүллээмиэхтэрин сөп
- үрүҥ утуйар таҥас — икки бырастыына уонна сыттык хаата (көҥүллээмиэхтэрин сөп)
- тыҥырах кырыйар щипчик (быһар, дьөлөр чааһа уонна пилочката суох)
- биирдэ туттуллар бирииппэ
- тараах
- дьахталларга — прокладка уонна тампон (СИЗО-ҕа аҕыйах баҕайыны биэрэллэр)
Таҥас
Көҥүллэнэр таҥас испииһэгэ ис бэрээдэк бырабылатын (эбэтэр правила внутреннего распорядка, ПВР) сыһыарыыларыгар баар буолар. Быраабыла быһыытынан уруһуйдаах, логотиптаах таҥаһы, камуфляж таҥаһы уонна хатыыр тимэхтээх, быалаах таҥаһы көҥүллээбэттэр. Таҥас кээмэйин чуолкайдык билбэт буоллаххытына, улаханы ылар ордук.
- туруусук, наскы
- термобельё
- футболка
- сибиитэрэ
- спортивнай таҥас
- ыстаан, джинса
- супинатора, быата уонна тимир чааһа суох атах таҥаһа — холобура, липучкалаах кросовка
- эрэһиинэ тапочка
- бэргэһэ
- түү бэрчээккэ уонна үтүлүк
- мал харайарга аналлаах улахан суумка
- беруши уонна утуйар мааска (СИЗО-ҕа күннэри-түүннэри тыастаах-уустаах булуон сөп, уоту араарымыахтарын сөп)
Өссө туох көҥүллэнэрий?
- 0,6 киловакка (кВт) тиийэ кыамталаах кипятильник (сорох СИЗО-ҕа туһааннаах эрэ кипятильниктары, пластик чаанньыктары туталлар, ол иһин эрдэттэн чуолкайдаабыт ордук)
- табах — хаайыылаах табахтаабат даҕаны буоллаҕына, атастаһар валюта быһыытынан наада буолар (сорох сиргэ пачканан туталлар, атын сиргэ чиҥ, халыҥ бакыакка сүөкэтэллэр — оннук буолар түбэлтэтигэр биэрии испииһэгэр табаҕы бүтэһик пуунунан суруйбут ордук, оччоҕуна бакыакка үөһэ хаалыа, үлтүрүйэн алдьаныа суоҕа)
- испиискэ (бакыакка сүөкэтиэхтэрин сөп)
- пластик чааскы, тэриэлкэ уонна миискэ
- кэнсэлээрийэ маллара — харандаас, куруһуната суох халлаан күөх эбэтэр хара паасталаах уруучука, куруһуната суох тэтэрээт, кумааҕы, мааркалаах кэмпиэр
- открытка, хаайыылаах чугас дьонугар илии баттаан ыытарын наадатыгар
- кумааҕыга паапка-хаата, докумуонннарын суукка уонна төттөрү таһарыгар (колонияҕа эрэ көҥүллэнэр, СИЗО-ҕа туппаттар)
Биэриини тутумуохтарын сөп дуо?
Сөп. Хаайыылааҕы атын учреждениеҕэ көһөрбүт, суукка эбэтэр силиэстийэ үлэтигэр ылбыт, карцерга укпут буоллахтарына биэриини ылыахтара суоҕа. Хааччахха баппатаҕына эмиэ.
Посылканы хайдах ыыталларый?
Биэриигэ туох көҥүллэнэр да, ол барыта, түргэнник буорту буолар астан ураты, посылкаҕа эмиэ көҥүллэнэр. Посылканы почтаттан сөптөөх хоруопка ылан, аһы-үөлү уган, биэрии былааҥкатын толорон баран почтанан ыытар наада. Биэрииттээҕэр посылка бытааннык айанныыр, ол иһин СИЗО-ҕа чугас почта салаатын талбыт ордук.
Кинигэни хайдах биэрэллэрий?
Үксүгэр изоляторга кинигэни посылканан ыытыахха сөп эрээри, сорох СИЗО-ҕа OZON-унан эрэ ыытыахха сөп. Кинигэни корзинаҕа уган, ылааччы толору аатын, төрөөбүт күнүн суруйан, почтанан тиэрдиини талан уонна изолятор аадырыһын суруйан ыыталлар. «В бюро передач СИЗО» тиэрдиҥ диэн комментарий суруйуохха наада. СИЗО-ҕа тиийдэҕинэ кинигэни олохтоох библиотекаҕа туттарыахтара, хаайыылаах онтон аҕыйах кэмҥэ ылар кыахтанар.
Оннооҕор юридическай литература ыытыахха сөп — холобура, Холуобунай процессуальнай кодексын, Холуобунай толуйтарыы кодексын, СИЗО ис бэрээдэгин бырабылатын уонна даҕаны атыттары.
Эми хайдах биэрэллэрий?
СИЗО уонна колония медчаастарыгар эмп сүрүн арааһа баар буолуох тустаах эрээри, чахчыта, үгүһүн эмп тиийбэт.
Учреждение бырааһа анаабыт эрэ буоллаҕына, эми ыытар сатанар. Хаайыылаах доруобуйатын проблематын туһунан медчааска биллэрбит буолуохтаах. Наадалаах эмп СИЗО-ҕа суох буоллаҕына, быраас рецепт суруйуох тустаах. Рецебы хаайыылаах чугас дьонугар передача бюротугар биэрэллэр.
Эмп биэриитэ туспа графиктаах — передача бюротугар эбэтэр учреждение саайтыгар баар буолар. Үксүн эмп биэриигэ эрдэттэн эрийэн суруйтарыахтааххын. Ол үрдүнэн, эмп биэриитин былааҥката туспа, олох атын.
Суолтата, бука, ууруҥ: эмп чектэрин харайыҥ, сүтэримэҥ.
СИЗО-ҕа уоту хаһан да араарбаттарыттан сылтаан дьон хараҕа буортуланар, ол иһин ачыкы наада буолуо. Хаайыы харах бырааһын бигэргиилээх рецепт баар буоллаҕына, биэриигэ дуу посылкаҕа дуу уган ыытыахха сөп. Ачыкы (линзата уонна иитэ) бэйэтэ хаатыҥ кытта тимир чааһа суох, пластмасса буолуохтаах.
Колония
Колонияҕа этаптанан эрэр хаайыылаахха тугу биэрбит ордугуй?
Дьүүллэнээччини олоххо киирэр срокка уурдахтарына этаптыахтаахтар — ол аата СИЗО-ттан колонияҕа көһөрүөхтээхтэр. Ханнык сиргэ этаптыылларын эрдэттэн билэр сатаммат (көс-колониета (колоние-поселение) уонна суут бэйэҥ булан тиийэрин курдук быһаарбыт эрэ буоллаҕына сатанар). Колония атын региоҥҥа баар буолуон сөп, оттон этап хас да нэдиэлэ буолуон сөп. Эбиитин поездка олорор усулуобуйата ынырык куһаҕан уонна миэстэ олох суох буолар.
СИЗО дьаһалтата уураах тахсыбытын кэннэ 10 күн иһигэр киһини этаптыах тустаах. Бу кэм иһигэр хаайыылаах туохха наадыйарын билэ охсубут улахан наадалаах.
Тугу биэрбит ордугуй
- пластик бытыылка — поездка туалекка ыыппат түгэннэригэр абырыа
- инчэҕэй салфетка — дуһу солбуйуо
- сылаас таҥас уонна тапочка
- табах
- чэпчэки эрээри тотоойу ас — холобура, түргэнник буһар лапса, кэмпиэт, саахар, чээй
- икки литрэ уу
Хаайыылаахха, бэл элбэхтик ааҕар даҕаны буоллаҕына, аҕыйах кинигэ ылллын гына сүбэлээҥ. Ыраханнара бэрт, таһар табыгаһа суох, буолаары буолан хандалы илиилээх уонна куруутун буолар бэрэбиэркэлээх уонна обыскалаах.
Колонияҕа тугу биэрбит ордугуй?
Колонияҕа саамай улааппыта 20 килограмм биэрии эбэтэр посылка, 5 — бандероль көҥүллүүллэр. Эр киһи колонияларыгар биэрии уонна посылка ахсаана эрэһиим көрүҥүттэн, буруйу толуйтарыы усулуобуйатыттан тутулуктаах, дьахтар колонияларыгар хааччаҕа суох. Биэрии лимитин «Открытое пространство» активистара оҥорбут табылларыгар көрүөххэ сөп.
Сүрүн көҥүллэнэр ас-үөл набора СИЗО-ҕа көҥүллэнэр набордуун биир (ити туһунан үөһэ ааҕыҥ).
Таҥас ыытар наада дуо?
Колония (көс-колония буолбатах буоллаҕына) хаайыылахтарыгар түрмэ робатын хайаан даҕаны бириэхтээхтэр — ол сүрүн таҥастара. Ол да буоллар маайка, футболка, ис таҥас уонна наскы биэриэххэ сөп, ол иһигэр барыта түүлээх буолуон сөп.
Атах таҥаһын туһунан эттэххэ, колония дьаһалтата тугу көҥүллүүрэ биллибэт. Логотиба, вставката, быата суох хара кроссовка биэриэххэ сөп — итинник гыннахха биэрбит сатанара кыахтаныа.
Эми хайдах биэрэллэрий?
Эми колония медчааһыгар эбэтэр почта посылкатынан ыытыахха сөп. Эмтээх, битэмииннээх посылка, биэрии лимиккэ аахсыллыбат — кинилэр туспа лимиттээхтэр. Хаайыылаах ыалдьар түгэнигэр лимити таһынан өссө эбии эмтээх посылка ылар кыахтанар. Чуолаан тугу, төһө элбэҕи биэрэр сатанарын быраас хамыыһыйата эбэтэр колония (эбэтэр аттыгар баар балыаһа) эмтиир бырааһа быһаарар.