Ханнык баҕарар таһырдьа буолар аахсыйа кыттыылааҕын бастакы быраабылата — тутуллууттан мүлчү көтө сатаа. Оттон өскөтүн туттахтарына, иккис быраабыла — туох да буолбутун иһин холку, киэҥ көҕүстээх буол. Уонна үһүс быраабыла — тутулуннахха туох кэтэһэрин уонна бэйэ быраабын хайдах туруулаһары эндэппэккэ билиэхтээххин.
Полиция отделыгар туох кэтэһэрин, туох кэнниттэн туох буолуохтааҕын, сокуоннары билии Эйиэхэ ыгылыйбаккар, холку буоларгар көмөлөһүөҕэ. Биһиги бу суруйбут ыйыыбыт-кэрдиибит — ол туһунан. Бу ыйыы-кэрдии хаһан да полицияҕа түбэспэтэх дьоҥҥо да, онно түбэһиэм дии санаабат дьоҥҥо да көмөлөһүө: билии уоскутар.
Үксүгэр барыта син чуумпутук буолар: эйигин автозакка илдьэллэр, төһө эрэ кэминэн полицияҕа тиийиэҥ уонна онно үс чаас кэриҥэ икки саамай чуҥкук дьыаланан дьарыктаныаҥ: кэтэһиинэн уонна кумааҕы толоруунан. Ол эрээри, хомойуох иһин, барыта эриэ-дэхси буолбат — ол иһин бу ыйыыга-кэрдиигэ тутуллубут киһи көрсүөн сөп туох баар сокуоннарын уонна түбэлтэлэрин ойуулаатыбыт. Куттанар туһата суох, оттон билэр — туһалаах.
Тиһэҕэр уонна төрдүс көмүс быраабыла баар: бэйэҥ быраапкын бил, ону тутуһалларын туруорус, ол эрээри «быраапкын хачайдаама». Уопута суох буоллаххына, бэйэҕэр оччо эрэммэт түгэҥҥэр быраапкын хачайдаама. Сокуонунан быраапкын көмүскүүртэн «быраап хачайдааһына» чыҥха атын. Киэҥ көҕүстээх буолуу, сокуону билии уонна бюрократия процедураларын билии көҥүлгэ тахсаргар көмөлөһүөхтэрэ уонна элбэх кыһалҕаттан быыһыахтара. Оттон кырыктаахтык кэпсэтии, куолаһы сонотуу уонна хас биирдии, кырачаан да быраабыланы кэспиттэрин аайы үҥсэргээһин Эйиэхэ ордук элбэх кыһалҕаны аҕалыахтарын сөп. Дьиҥнээх олох идеалтан уратылаах, полиция үлэһиттэрин быһыылара-майгылара онтон өссө ыраах буолар. Сокуону билэр уонна ону толорору ирдиир, биллэн турар, суолталаах уонна туһалаах, ол эрээри кутталлаах түгэҥҥэ эт өйүнэн салайтарар ордук туһалаах, ону умнума.
Тутуу
Тутуу киһи көҥүл сылдьыыта хааччахтаммыт түгэниттэн саҕаланар. Полицейскайдар саҥарбакка да массыынаҕа анньан киллэриэхтэрин сөп, эбэтэр «манна тура түс» эбэтэр «пройдемте, гражданин» диэхтэрин сөп.
Холкутук тутун уонна полицейскайдары кытта өрөлөһүмэ.
Тутууну видеоҕа уста сатаа эбэтэр билэр дьонуҥ усталларыгар көрдөс. Үлэлии сылдьар полицейскайдары устары сокуон боппот. Тутууну илэ харахтарынан көрбүт дьон контаактарын ыллаххына, кэлин туһалыан сөп.
Эйигин туппут полиция үлэһитин эбэтэр Росгвардия байыаһын аатын-суолун, дуоһунаһын уонна жетонун нүөмэрин суруна сатаа. Ол киһи туох уратылааҕын өйдөөн хаалар эмиэ туһалаах буолуон сөп.
Туттулар да, ОВД-Инфоҕа (өскөтө бырачыас аахсыйатын кэмигэр туппут буоллахтарына), уонна, хайаан да, аймахтаргар уонна доҕотторгор биллэр.
Хас тутуу аайы полиция үлэһитэ Федеральнай сокуон 5-с ыстатыйатын 4-с чааһа модьуйар дьайыыларын оҥоруохтаах, ону таһынан тутуллубут киһиэхэ кини суут-сокуон өттүнэн көмөҕө бырааптааҕын, тылбаасчыкка бырааптааҕын, чугас аймахтарыгар эбэтэр атын чугас дьонугар тутуу туһунан биллэрэр бырааптааҕын, быһаарыы биэрэртэн батыныан сөбүн быһааран биэриэхтээх.
Тутуллубут киһи төһө кыалларынан түргэнник, ол эрээри үс чаастан ордуга суох кэмҥэ (УПК атыны ирдээбэт түгэнигэр) чугас аймахтарын эбэтэр чугас дьонун сэрэтэр, бэйэтэ ханна баарын биллэрэр соруктаах биирдэ төлөпүөннүүр бырааптаах. Маннык биллэриини тутуллубут киһи көрдөһүүтүнэн полицейскай оҥоруон сөп.
«Полиция туһунан» сокуон, 14 ыстатыйа «Тутуу» 3-с уонна 7-с чаастара»
Өскөтө төлөпүөҥҥүн былдьыыр буоллахтарына
Бу сокуону кэһии: Эйигиттэн сокуону кэһиигэ сыһыаннаах малгын-салгын эрэ ылар бырааптаахтар (плакааккын, листовкаларгын иҥин)
Ол эрээри, өскөтүн син биир былдьыыр түгэннэригэр, икки кэрэһит (понятой) баарыгар былдьаан ылыы боротокуолун (протокол изьятия) суруйалларын ирдээ. Кэрэһит көстөр кыаҕа суох түгэнигэр полицейскайдар видео устар бырааптаахтар. Боротокуолга барыта сиһилии киирэрэ улахан суолталаах. Маннык процедурата суох малгын былдьыыр бырааптара суох. Биэримэ, арай күүһүнэн былдьыыр, кырбаары гынар буоллахтарына эрэ биэр (доруобуйаҥ ордук суолталаах).
Административнай быраабы кэһии кодекса (КоАП), 27.10 ыстатыйа 1, 4, 5 чаастара «Малы уонна докумуону тутан ылыы»
1. Административнай буруйу оҥорууга тутуллубут малы-салы эбэтэр ол буруй иһинэн сокуону кэһэр малы-салы, уонна буруйу оҥорууну дакаастыырга суолталаах докумуоннары, өскөтө буруйу оҥоруу сиригэр эбэтэр сыныйан көрүү (личный досмотр), малы-салы көрүү кэмигэр уонна көлөнү сыныйан көрүү кэмигэр көстүбүт буоллахтарына, ол малы 27.2, 27.3, 28.3 ыстатыйаларга ыйыллыбыт дуоһунастаах дьон икки кэрэһит баарына эбэтэр видео устуулаах былдьыыр кыахтаахтар.
5. Малы-салы уонна докумуоннары былдьааһын туһунан боротокуол оҥоһуллар эбэтэр аҕалыы, административнай буруйу оҥоруу миэстэтин көрүү туһунан эбэтэр административнай тутуу туһунан боротокуолга ол туһунан суруллар. Суоппар дастабырыанньатын, тырахтарыыс-машинист (тырахтарыыс) дастабырыанньатын, судоводитель дастабырыанньатын, пилот дастабырыанньатын былдьаан ылыы туһунан административнай буруйу оҥоруу боротокуолугар эбэтэр административнай буруйу оҥоруу сирин көрүү боротокуолугар суруйуллар.
Үксүн тутуллубут киһи малын киһиэхэ бэйэтигэр хааллараллар. Куттал суоһуур малы ылыахтарын сөп.
Отделга тиэрдии
Полиция массыынатыгар киирбит түгэҥҥин бэлиэтэн (холобур, смс ыытыахха сөп). Оччоҕо автозакка наһаа уһуннук туппутарын туһунан үҥсэр кыахтаныаҥ (өскөтө оннук таҕыстаҕына).
Төһө да сокуон отделга төһө кыалларынан түргэнник тиэрдэри ирдиирин иһин, олоххо суол уһаан хаалыан сөп.
КоАП, 27.2 ыстатыйа «Тиэрдии», 2-с чааһа.
Тиэдии төһө кыалларынан кылгас кэмҥэ оҥоһуллуохтаах.
Ханна илдьэн иһэллэрин ыйыт. Биллэххинэ ОВД-Инфо правовой ботугар уонна доҕотторгор суруй. Доҕотторгуттан ол отделга ас-үөл, уу уонна туһалыан сөптөөх сээкэйдэ аҕалалларыгар көрдөс (тутуу хас да чаас буолуон сөп, сороҕор хонноруохтарын да сөп). Бэйэ бэйэҕитигэр көмөлөсүһүҥ. Телеграмҥа автозак чаатын оҥоруҥ, онно көҥүлгэ баар көмөлөһөр доҕотторгутун эбэн биэриҥ. Төһө кыалларынан атын тутуллубут дьон контаактарын ыл, бэйэҥ киэҥҥин биэр.
Отделга кэллигит да биһиги правовой боппутугар суруй. Полицейскай учаастак аттыгар төһө эрэ кэм массыынаҕа олордуохтарын сөп. Сороҕор киллэрбэккэ да атын отделга илдьиэхтэрин сөп.
Автозак толорутун бэрэбиэркэлиэххэ сөп. Массыына иһигэр ким да туран айанныа суохтаах. Олорор олбох барыларыгар тиийиэхтээх. Ол эрээри автозакка Эн ордук көмүскэлэ суоххун, онон холкутук тутун уонна улахан айдааны таһаара сатаама.
«РФ Үрдүкү суутун» 25.02.2016 тахсыбыт АПЛ16-24 нүөмэрдээх апелляциялыыр быһаарыытынан тырааныспар көлөтүн техническэй характеристикатыгар суруллубут дьон ахсааныттан элбэх дьону таһар бобуулааҕын туһунан Суол быраабылатын 22.8 пуунугар сурулла сылдьар (Миниистирдэр Сэбиэттэрин — Арассыыйа Федерациятын бырабыыталыстыбатын 1993 сыл алтынньы 23 күнүгэр тахсыбыт 1090 нүөмэрдээх уурааҕынан бигэргэтиллибит).
Ону таһынан Инструкция 167 пуунун төрдүс абсааһыгар суруллубутунан, аналлаах тыраанспар көлөтүгэр олорсор сууттаммыттар уонна хаайыыга олорооччулар, лиичинэй састаап ахсааннара бу траспортнай көлө техническай характеристикатыгар сөп түбэһиэхтээх.
Өскөтө сокуоннай сааскын ситэ илик буоллаххына
Бастатан туран — төрөппүттэргэр эрий. Төрөппүтэ суох Эйигин доппуруостуур, боротокуол суруйар, кэпсэтэр кыахтара суох, албакаат көмөтүнэн төрөппүтэ суох эмиэ туһанар кыаҕыҥ суох. Уонна саамай сүрүнэ — Эйигин төрөппүтүҥ кэлэн ыла илигинэ полицияттан таһаарыахтара суоҕа.
Сокуоннай саастарын ситэ иликтэргэ аналлаах бу өйдөбүнньүкпүтүн ааҕарга сүбэлиибит.
Кырбаабыт буоллахтарына
Өскөтө Эйигин кырбаатахтарына маннык гынар улахан туһалаах:
- Түгэни сытыырхаппакка, буола турары хаартыскаҕа эбэтэр видеоҕа уста сатаа, ОВД-Инфо аһаҕас линиятыгар эрий: 8 800- 707-05-28. Эбэтэр биһиги телеграм-боппутугар суруй
- Скорайда ыҥыр эбэтэр полицейскайдар ыҥыралларын ирдээ, — мэдиссиинэ үлэһиттэрэ бааһы (травманы) сурунан ылыахтаахтар. Отделга скорайы ыҥырар табыллыбатаҕына, тахсаат да ыҥыр. Отдел аттыгар туран ыҥырар ордук, полицейскайдар дьиэтигэр баран иһэн кырбаммыт диэбэттэрин курдук. Ол эрээри, тоҕо эрэ скорайы ыҥырар табыллыбат буоллаҕына, балыыһаҕа (травмпууҥҥа) бэйэҥ бар. Онно Эйиэхэ диагноз туруоруохтара, көмө оҥоруохтара уонна бааскын/эчэйиигин докумуоҥҥа суруйуохтара — онто суох быраабы көмүскүүр дьайыылары оҥорор сатаммат
- Кырбааһын туһунан хайаан да боротокуолга «Объяснения» (Быһаарыылар) диэн графаҕа суруй (боротокуол туһунан сиһилии аллара көр)
Полицияҕа
Тутуу болдьоҕо
Полиция отделыгар тиийээт да, тутуллубут дьону барыларын Учуот кинигэтигэр (Книга учета) суруйалларын ирдээ. Инньэ гыннаххына тутуу формальнай кэмэ сурукка киириэ.
30.04.2012 тахсыбыт N 389 Россия МВД-тын бирикээһэ «Дьуһуурунай чааска гражданнары аҕалыы кэнниттэн полиция бырааптарын уонна эбээһинэстэрин толоруу бэрээдэгин туһунан наставлениены бигэргэтии туһунан», 7, 8–8.3 пууннара.
8. Гражданнары дьуһуурунай чааска аҕалыы кэнниттэн оперативнай дьуһуурунай маннык эбээһинэстээх:
8.1. Аҕалыы төрүөтүн билиэхтээх, аҕалабыт сололоох киһиттэн суругунан араапар эбэтэр тиэрдии боротокуолун ылыахтаах.
8.2. Аҕалыллыбыт киһи кимин билиэхтээх, кини ханна регистрациялааҕын (олорорун) быһаарыахтаах.
8.3. МВД олохтоох салаатын дьуһуурунай чааһыгар аҕалыллыбыт дьону бэлиэтиир Учуот кинигэтигэр аҕалыы туһунан бэлиэтээһин оҥоруохтаах.
7. Оперативнай дьуһуурунай аҕалыллыбыт дьоҥҥо киһилии сыһыаннаһыахтаах, кинилэргэ олохторугар уонна доруобуйаларыгар туох да суоһаабат усулуобуйатын хааччыйыахтаах уонна бэйэлэрэ көҥүл тахсан барбаттарын хааччыйыахтаах.
Уопсай быраабыланан даһабыл тутуу (административное задержание) болдьоҕо үс чаас буолар уонна полиция ааныгар киирбиккиттэн ааҕыллар. Ол эрээри өскөтө хаайар ыстатыйанаы (арестная статья) сыбыыр буоллахтарына (холобур КоАП 19.3 эбэтэр 20.2 ыстатыйа 6.1 чааһын) тутуу 48 чааска диэри буолуон сөп.
Административнай быраабы кэһии кодекса, 27.5. ыстатыйа «Дьаһабыл тутуу болдьоҕо»
1. Дьаһабыл (административнай) тутуу болдьоҕо үс чаастан ордук буолуо суохтаах, бу ыстатыйа 2 уонна 3 чаастарынан көрүллүбүт түбэлтэлэриттэн ураты.
3. Дьаһабыл (административнай) хаайыылаах эбэтэр Арассыыйаттан дьаһабыл үүрүүлээх (административное выдворение) ыстатыйанан дьыала көбүтүллүбүт түгэнигэр, тутуллубут киһи 48 чаастан ордуга суох болдьоххо тутуллуон сөп.
4. Киһини дьаһабыл тутуу болдьоҕо бу Кодекс 27.2. ыстатыйатынан («Тиэрдии») аҕалыллыбыт кэмиттэн ааҕыллар, оттон итирик туруктаах киһини аҕалыы болдьоҕо — кини өйдөммүт кэмиттэн.
Көмүскээччи (защитник)
Көмүскээччи өҥөтүнэн туһанар бырааптааххын. Албакаат кэллэҕинэ киллэрэллэрин ирдээ.
«Полиция туһунан» сокуон, 14 ыстатыйа «Тутуу» 3 уонна 5 чаастара
3. Ханнык баҕарар тутуу түбэлтэтигэр полиция үлэһитэ бу Федеральнай сокуон 5 ыстатыйатын 4 чааһа көрөр дьайыыларын оҥоруохтаах, ону таһынан тутуллубут киһиэхэ кини суут-сокуон өттүнэн көмөҕө бырааптааҕын, тылбаасчыт өҥөтүгэр бырааптааҕын, чугас аймахтарыгар уонна чугас дьонугар туппуттарын туһунан биллэрэр бырааптааҕын, быһаарыы биэрэртэн батынар бырааптааҕын быһааран биэрэр эбээһинэстээх.
5. Тутуллубут киһи федеральнай сокуон ирдэбилинэн тутуллуу саҕаланаатын кытта албакаат (көмүскээччи) өҥөтүнэн туһанар бырааптаах.
Судаарыстыба анаабыт көмүскээччититтэн батынар куолу — үксүгэр полицейскайдар бэйэлэрин доҕор юристарын ыҥыраллар. Кинилэр туох да үтүөнү Эйиэхэ сүбэлиэхтэрэ суоҕа.
Полиция отделын усулуобуйата
Сүрүн быраабыла маннык: полицейскайдар санааларыгар Эн туох да буруйу оҥорбутуҥ иһин, кинилэр Эн дьоһуҥҥун түһэрэн ТУГУ ДА оҥорор кыахтара суох.
Административнай быраабы кэһии кодекса, 1.6 ыстатыйа «Дьаһабыл кэһиини кытта ситимнээх дьаһабыл күһэйии миэрэлэрин туттууга сокуону хааччыйыы», 3 чааһа
3. Дьаһабыл күһэйии (административное принуждение) миэрэлэрин туһаныыга киһи сүр дьоһунун түһэрэр быһаарыылары ылынар уонна дьайыылары оҥорор (эбэтэр тугу да гыммат буолар) сатаммат.
Олох көрдөрөрүнэн бу быраабыла элбэхтик кэһиллэр. Тутуллубуттар элбэхтэ биллэрэллэринэн, көрүдүөргэ туруоран эбэтэр муостаҕа олордон эрэн кэтэһиннэрэллэр, эбэтэр кылааска паартаҕа олордоллор.
3 чаастан ордук туппут буоллахтарына аһынан-үөлүнэн, уунан хааччыйыахтаахтар. Өскөтө 3 чаастан ордук тутуу түүн буолбут буоллаҕына, хонор сиринэн хааччыйыахтаахтар. Төһө кыалларынан туох баар кэһиини сурунан ис, туоһулар (сибидиэтэллэр) контаактарын ыл — ол кэлин ааһынарга туһалыа.
16.04.2012 ылыныллыбыт N 301 РФ Бырабыыталыстыбатын уурааҕа «РФ Ис дьыала олохтоох уорганнарыгар тутуллубут дьону олордуу, аһынан хааччыйыы нуормаларын уонна мэдиссиинэ өҥөтүнэн хааччыйыы балаһыанньатын бигэргэтэр туһунан», 21-с пуун.
3 чаастан ордук тутуллубут дьон аһынан-үөлүнэн хааччылаллар — ФСИН изолятордарыгар сытар уорбаланааччылар уонна буруйданааччылар, РФ Ис дьыалатын уорганнарын ИВС-тарыгар уонна ФСБ пограничнай уорганнар административнай хаайыыга эйэлээх кэмҥэ укпут уорбаланааччыларын уонна буруйданааччыларын аска-үөлгэ нуормаларынан. Бу нуорма 2005 с. муус устар 11 күнүгэр ылыллыбыт N 205 РФ Бырабыыталыстыбатын «ФСИН изолятордарыгар сытар уорбаланааччылар уонна буруйданааччылар, РФ Ис дьыалатын уорганнарын ИВС-тарыгар уонна ФСБ пограничнай уорганнар административнай хаайыыга эйэлээх кэмҥэ укпут уорбаланааччыларын уонна буруйданааччыларын аска-үөлгэ нуормаларын туһунан» уурааҕынан бигэргэтиллибитэ.
Аймахтарыҥ эбэтэр ханнык баҕарар докуомуоннаах дьон отделенияҕа ас-үөл уонна бастакынан туттуллар малы-салы (суунар тээбирини) биэрэр кыахтаахтар. Полицейскай баарына бэрэбиэркэлээн эрэ баран туһанар кыахтааххын. Пенка-коврик уонна спальник аҕаларга көрдөһөр туһалаах буолар.
РФ Бырабыыталыстыбатын 16.04.2012 тахсыбыт N 301 «Тутуллубут дьон РФ Ис дьыалатын министэристибэтин олохтоох уорганнарыгар хайдах усулуобуйаҕа олоруохтаахтара, аһыыр нуормалара уонна мэдиссиинискэй өҥөннөн туһаныыларын бэрээдэгин туһунан балаһыанньаны бигэргэтии туһунан» уурааҕа, 20-с пуун.
20. Тутуллубут дьон бастакынан туһаныллар малы-салы (суунар тээбирини), аһыыр тээбирини, утуйар таҥаһы уонна аһы-үөлү аймахтарыттан уонна кимнэрэ-туохтара биллэр атын дьонтон ылар бырааптаахтар.
Бэриллэр малы-салы, аһы-үөлү полиция үлэһитэ биэрэр киһи баарыгар бэрэбиэркэлиэхтээх уонна эмиэ кини баарыгар тутуллубут киһиэхэ биэриэхтээх. Малы-салы уонна аһы-үөлү бэрэбиэркэ кэмигэр алдьатар уонна сатаан туһаммат гынар сатаммат.
Бастакынан туһаныллар малы тутуллубут киһи полиция үлэһитэ баарыгар эрэ туһанара көҥүллэнэр. Туттуллан баран ол мал тутуллубут киһи бэйэтин атын малын кытта харалла сытар, туттуллан баран быраҕыллыахтаах суунар тээбиринтэн уонна болдьоҕо тахсыбыт астан-үөлтэн ураты.
Киһи олоҕор уонна туругар кутталлаах малы, эттиктэри уонна аһы-үөлү, ону тэҥэ буруйу кэһиигэ туттуллуон сөптөөх малы тутуллубут дьоҥҥо анаан ылар уонна биэрэр бобуллар.
Полицейскайдар тутуллубут дьону туалекка биирдиилээн таһаарар эбээһинэстээхтэр.
РФ Бырабыыталыстыбатын 16.04.2012 тахсыбыт N 301 «Тутуллубут дьон РФ Ис дьыалатын министэристибэтин олохтоох уорганнарыгар хайдах усулуобуйаҕа олоруохтаахтара, аһыыр нуормалара уонна мэдиссиинискэй өҥөннөн туһаныыларын бэрээдэгин туһунан балаһыанньаны бигэргэтии туһунан» уурааҕа, 19-с пуун.
19. Тутуллубут дьону аналлаах хостон тахсан киирэллэригэр (чэпчэтинэллэригэр) таһаарыы, кинилэр көрдөһүүлэринэн, уочаратынан, полиция үлэһиттэрэ арыаллааах оҥоһуллар.
Сыныйан көрүү (досмотр)
Эр киһи буоллаххына эр киһи полицейскай, икки эр дьон кэрэһиттэр баалларыгар, сыныйан көрөр (досмотр оҥорор) бырааптаах. Дьахтар буоллаххына полицейскай уонна кэрэһиттэр дьахталлар буолуохтаахтар.
Сыныйан көрүү туһунан сурук аҕалыы боротокуолугар эбэтэр тутуу бороткуолугар суруллар, сороҕор туспа боротокуол суруллар.
КоАП, 27.7 ыстатыйа «Киһини сыныйан көрүү (личный досмотр), киһиэхэ баар малы-малы сыныйан көрүү»
1. Киһини сыныйан көрүү (личный досмотр), киһиэхэ баар малы-малы сыныйан көрүү диэн дьаһалынан буруйуу оҥоруу сэбин-сэбиргэлин буларга бүтүнүн алдьаппакка көрүүнү ааттыыллар.
2. Киһини сыныйан көрүүнү (личный досмотр), киһиэхэ баар малы-малы сыныйан көрүүнү бу Кодекс 27.2, 27.3 ыстатыйаларыгар ыйыллыбыт дуоһунастаах дьон оҥороллор.
3. Эр киһини сыныйан көрүүнү (личный досмотр) эр киһи оҥоруохтаах, кэрэһиттэр эмиэ эр дьон буолуохтаахтар, дьахтары эмиэ дьахтар көрүөхтээх, кэрэһиттэр дьахталлар буолуохтаахтар. Киһиэхэ баар малы-салы (таһаҕас, бултуур уонна балыктыыр тээбирин, бултаммыт булт уонна атын сээкэй) көрүүнү боломуочуйалаах дуоһунастаах дьон икки кэрэһит баарыгар эбэтэр видеоҕа устуулаах оҥороллор.
4. Ураты түгэҥҥэ, өскөтө киһи саа сэптээҕэ эбэтэр саа-сэп оннугар туттуллар маллааҕа уорбаланар буоллаҕына, киһини сыныйан көрүү уонна малын-салын сыныйан көрүү кэрэһитэ суох оҥоһуллуон сөп.
5. Ирдэнэр буоллаҕына хаартыскаҕа уонна видеоҕа түһэрии эбэтэр мал дакаастабылын хомуйар атын ньыма туһаныллар.
6. Киһини сыныйан көрүүнү, киһиэхэ баар малы-салы сыныйан көрүүнү оҥорорго боротокуол оҥоһуллар эбэтэр аҕалыы биитэр административнай тутуу боротокуолугар суруллар. Киһини сыныйан көрүү, киһиэхэ баар малы-салы сыныйан көрүү боротокуолугар оҥоһуллубут күнэ-дьыла уонна миэстэтэ, боротокуолу оҥорор киһи араспаанньата уонна инициаллара, сыныйан көрүллэр киһи туһунан сибидиэнньэлэр, сыныйан көрүү кэмигэр булуллубут мал-сал көрүҥэ, ахсаана, уонна да атын араарар уратылара, ол иһигэр саа-сэп көрүҥэ, марката, калибра, сиэрийэтэ, нүөмэрэ уонна да атын ураты бэлиэлэрэ, саа сэбин (боеприпас) көрүҥэ уонна ахсаана, докумуоннар көрүҥнэрэ уонна реквизиттэрэ ыйыллар.
7. Киһини сыныйан көрүү, киһиэхэ баар малы-салы сыныйан көрүү боротокуолугар хаартыскаҕа уонна видеоҕа түһэриини туттуу, дакаастыыр малы атыннык бэлиэтээһин көрүҥнэрэ суруллаллар. Киһини сыныйан көрүү, киһиэхэ баар малы-салы сыныйан көрүү кэмигэр уһуллубут хаартысканы уонна видеону, бэлиэтээһин атын көрүҥнэрин түмүгүн туһааннаах боротокуолга сыһыараллар.
Малгытын былдьаан ыллахтарына
Үөһэ суруллубутун курдук, полицейскайдар малгытын былдьыыр бырааптара суох, ол мал уорбаланар быраабы кэһиигэ сыһыана суох буоллаҕына (листовкалар/былакааттар уо. д. а.)
Отделтан тахсаргар барытын төннөрүөхтээхтэр. Тугу эмит булбатаххына тута миэстэтигэр уоруу туһунан сайабылыанньа суруйуоххун сөп.
РФ Бырабыыталыстыбатын 16.04.2012 тахсыбыт N 301 «Тутуллубут дьон РФ Ис дьыалатын министэристибэтин олохтоох уорганнарыгар хайдах усулуобуйаҕа олоруохтаахтара, аһыыр нуормалара уонна мэдиссиинэ өҥөтүнэн туһаныыларын бэрээдэгин туһунан балаһыанньаны бигэргэтии туһунан» уурааҕа, 8-с пуун.
Полиция үлэһиттэрэ тутуллубут дьонтон былдьаммыт мал тутуу болдьоҕо ааһыар диэри бүтүн буоларын хааччыйыахтаахтар, ол кэнниттэн тутуллубут киһиэхэ төннөрүллүөхтээхтэр, быраабы кэһии сэбэ-сэбиргэлэ эбэтэр быһаччы барамайа (эбийиэгэ) буолбатах буоллахтарына (буолбут түбэлтэлэриттэн ураты) (боппуоруос быһаарыллыар диэри) биитэр ол мал көрдөбүлгэ (в розыске) сылдьыбыт буолбатах буоллаҕына эбэтэр гражданскай оборуоттан тахсыбатах буоллаҕына, ону таһынан сымыйа докуомуон буолбатах буоллаҕына.
Босхолонон баран полицейскайдар дьайыыларын ааһыныаххын сөп — ол туһунан ыйыы-кэрдии манна баар.
Дактилоскопия уонна хаартыскаҕа түһэрии
Полицейскайдар дактилоскопияны ааһарга (тарбах суолун ыларга) күһэйэ эбэтэр бэйэҕин хаартыскаҕа түһэрэ сатыахтарын сөп. Сөбүлэһимэ: өскөтө пааспарыҥ көмөтүнэн ким буоларыҥ биллэр буоллаҕына, тарбах суолун устуу уонна хаартыскаҕа түһэрии холуобунай буруйу оҥорбуттарга эбэтэр суутунан административнай хаайыллыбыттарга эрэ сатанар. Онон дактилоскопияттан хорсуннук батын.
«Полиция туһунан» ФЗ 13 ыст. 19 п.
«Өскөтө эрдэттэн быһаарыллыбыт болдьох иһинэн тутуллубут/хаайыллыбыт киһи кимин-тугун чопчу билэр сатаммат түгэнигэр, полиция үлэһитэ буруйу оҥорууга уорбаланан тутуллубут, хаайыыга угуллубут, буруйу оҥорууга уорбаланааччы, административнай хаайыыга угуллубут дьону, уонна атын тутуллубут дьону регистрациялыыр (бэлиэтиир), хаартыскаҕа түһэрэр, аудиоҕа, киинэҕэ уонна видеоҕа устар, дактилоскопирование оҥорор бырааптаах».
1998 с. от ыйын 25 к. тахсыбыт N 128-ФЗ «Арассыыйа Федерациятыгар дактилоскопия бэлиэтээһинин туһунан» сокуон, 9-с ыстатыйа «Булгуччулаах судаарыстыбаннай дактилоскопия бэлиэтээһинэ», «ж» пууна:
Булгуччулаах дактилоскопия бэлиэтээһинэ оҥоһуллар:
ж) Арассыыйа Федерациятын гражданнара, атын дойду гражданнара уонна гражданствота суох дьон:
буруйу оҥорууга уорбаланааччылар, буруйу оҥорууга буруйданааччылар, буруйу оҥоруу иһин сууттаммыттар (осужденные), административнай хаайыыга угуллубуттар;
административнай быраабы кэһиини оҥорбуттар, өскөтө кинилэр кимнэрин атын ньыманан билэр сатаммат буоллаҕына.
Докумуон толоруу
Пааспаргытын хомуйар кэмнэригэр куоппуйатын биэр (баар буоллаҕына). Пааспарыҥ бэйэҕин кытта суох буоллаҕына аймахтарыҥ хаартыскаҕа түһэрэн ыыталларыгар көрдөс. Хроническай, психиатрическай ыарыылаах, инбэлиидинэстээх буоллаххына, төһө кыалларынан түргэнник полиция үлэһитигэр ону бигэргэтэр докумуон көрдөрө охсуохтааххын.
Боротокуол
Отделга дьаһабыл кэһиитин (административное правонарушение) туһунан боротокуол оҥоруохтара. Ону таһынан тутуу боротокуолун уонна тиэрдии боротокуолун оҥоруохтарын сөп (сороҕор оҥорботтор). Тутуу уонна аҕалыы туһунан холбоспут боротокуол эмиэ баар буолааччы. Боротокуоллага суруллубут кэми бэрэбиэркэлээ, сыыһа ыйыллыбыт буоллаҕына көннөрөргө көрдөс.
КоАП, 27.2 ыстатыйа, «Аҕалыы»
3. Аҕалыы туһунан боротокуол оҥоһуллар биитэр дьаһабыл быраабы кэһии (админстративнай быраабы кэһии) туһунан боротокуолга эбэтэр дьаһабыл тутуу туһунан боротокуолга суруллар. Аҕалыы боротокуолун куоппуйата аҕалыллыбыт киһиэхэ кини көрдөһүүтүнэн туттарыллар.
Боротокуол суруйар кэмҥэ уһулуччу болҕомтолоох буол. Үксүн полицейскайдар уулуссаҕа бырачыас кэмигэр тутуллубут дьоҥҥо КоАП 20.2 ыстатыйатын 5-с чааһын суруйаллар: «Мунньаҕы, миитини, демонстрацияны, хаамыыны эбэтэр пикетированиены ыытыы бэрээдэгин кэһии».
КоАП, 20.2 ыстатыйа 5 чааһа «Мунньаҕы, миитини, демонстрацияны, хаамыыны эбэтэр пикеттээһини ыытыы бигэргэммит бэрээдэгин кэһии»
Публичнай тэрээһин кыттыылааҕа мунньаҕы, миитини, демонстрацияны, хаамыыны эбэтэр пикеттээһини ыытыы бигэргэммит бэрээдэгин кэһиитэ, бу ыстатыйа 6 чааһыгар ахтыллыбыт түбэлтэлэртэн ураты, — уон тыһыынча солкуобайтан сүүрбэ тыһыынча солкуобайга диэри дьаһабыл ыстыраапка ууруллар эбэтэр түөрт уон чааска диэри булгуччулаах үлэҕэ ууруллар.
КоАП 20.2 ыстатыйатын атын чаастарын (хос кэһии тахсыбыт түгэнигэр 6.1, 8 чаастарын), ону таһынан полиция үлэһитин истибэтэххэ (неповиновение) (КоАП 19.3 ыст.), ковид бобууларын кэһии (КоАП 20.6.1 ыст.). Бу ыстатыйалар накаастыбыллара тус-туһунан — ыстырааптан саҕалаан 15 сууккаҕа хаайыыга тиийэ, оттон КоАП 20.2 ыстатыйатынан хос буруйданыыга — 30 сууккаҕа диэри.
Араҕаһынан боротокуол ордук суолталаах сирдэрэ бэлиэтэннилэр:
Ханна үлэлииргин уонна үөрэнэргин, ону таһынан дьиҥнээхтик олорор аадырыскын этиэ суоххун сөп. Инньэ гыннаххына полиция тутуу туһунан үлэҕэр эбэтэр үөрэххэр биллэриэн сөп, биитэр дьиэҕэр кэлэр буолуон сөп.
Боротокуол кураанах сирдэрин сурааһынынан толорору ирдээ, эбэтэр бэйэҥ оннук сурааһыннарда оҥор.
Хаһан да кураанах лиискэ илии баттаама!
Өскөтүн Эйигин туппут полицейскайдар араспаанньалара сыыһа ыйыллыбыт буоллаҕына, ол туһунан бэлиэтэ суруй уонна дьиҥнээх араспаанньаларын билэр буоллахына, ону суруй.
Өскөтүн быраапкын уонна эбээһинэскин быһааран биэрбэтэх буоллахтарына, ол туһунан пууҥҥа илии баттаама. Быһаарбатылар диэн суруйуохха сөп, эбэтэр көннөрү илии баттыыртан батыныахха сөп. Оччоҕо полицейскайдар икки кэрэһит (понятой) баарыгар боротокуолга ону ыйаллар.
КоАП, 27.3 ыстатыйа 5 чааһа «Дьаһабыл тутуу» (Административное задержание)
Тутуллубут киһиэхэ бу Кодексынан ситимнээн кини бырааптара уонна эбээһинэстэрэ быһаарыллаллар, ол туһунан даһабыл тутуу боротокуолугар суруйуллар.
Полицейскайдар бэйэҥ утары уонна чугас дьонуҥ утары туоһу буолбат бырааптааххын кэпсиэхтээхтэр (Конституция 51 ыст.). Бу сүдү! суолталаах! быраап! Өскөтүн тугу этэргин саарбахтыыр буоллаххына, ыйытыыга хоруйдаабат туһунан быраапкын туһанар ордук.
Арассыыйа Конституцията, 51 ыстатыйа
1. Ким даҕаны бэйэтин, бэйэтин кэргэнин уонна федеральнай сокуоҥҥа ыйыллыбыт чугас аймахтарын утары туоһу буолар эбээһинэһэ суох.
2. Федеральнай сокуон туоһу буолартан босхолонор атын түбэлтэлэри ыйыан сөп.
Илии баттыаҥ иннинэ боротокуол куоппуйатын көрдөө. Эбэтэр боротокуолу илии баттыыргар «копию не получил» (куоппуйатын ылбатым) диэн суруйуоххун сөп. Өскөтө илии баттыыртан батыннаххына, полицейскайдар икки кэрэһити (понятойу) ыҥыран кинилэргэ илии баттатыахтара.
Бэйэҥ куоппуйаҕын ылан баран сүрүн боротокуолга илии баттыаххын сөп, күнүн-дьылын уонна кэмин ыйан туран.
Боротокуол куоппуйатын биэрдэхтэринэ боротокуолуга бэйэтигэр илии баттаа, күнүн-дьылын уонна кэмин ый. Өскөтө полицейскай Эн ирдэбилгин истибэккэ кураанах сирдэрин толорботоҕуна, боротокуолга ол туһунан суруйан баран биирдэ илиитэ баттаа.
Эбии: боротокуолга баар алҕастар тустарынан полицейскайдарга эппэт ордук. Холобур, туох бырааптааххын билиһиннэрбиттэрин туһунан графааҕа алҕас илии баттаабатах буоллаххына, эбэтэр ааккын-суолгун сыыһалаах эбэтэр Эн тускунан дааннайдары алҕастаах суруйбут буоллахтарына, суукка дьыаланы кыайар шансыҥ күүскэ улаатар.
Быһаарыы суруйуу
Быһаарыы суруйаргын ирдиэхтэрин сөп. Сокуонунан инньэ гынар кыахтара суох. Үксүн быһаарыыны буруйу оҥоруу сиригэр отой да сылдьыбатах дознаватель суруттарар. Онон быһаарыы биэрэртэн батыныаххын сөп, эбэтэр туох буолбутун туһунан бэйэҥ санааҕын суруйан көрүөххүн сөп.
Өскөтө быһаарыы суруйдаххына, барытын өссө куһаҕан гыныам дии саныыр буоллаххына, эбэтэр көмүскээччигин кытта сүбэлэһэ илик буоллаххына, Конституция 51-с ыстатыйатын туһанан, бэйэҥ утары туоһулууртан батыныаххын сөп.
Арассыыйа Конституцията, 51 ыстатыйа
1. Ким даҕаны бэйэтин, бэйэтин кэргэнин уонна федеральнай сокуоҥҥа ыйыллыбыт чугас аймахтарын утары туоһу буолар эбээһинэһэ суох.
2. Федеральнай сокуон туоһу буолартан босхолонор атын түбэлтэлэри ыйыан сөп.
Кэлэр туһунан эбэһээтэлистибэ
Суут хаһан буоларын суут бэйэтэ эрэ быһаарар кыахтаах. Онно олоҕуран, кэлэр туһунан эбэһээтэлистибэҕэ илии баттыа суоххун сөп. Баҕар, полицейскайдар сууту кытта сөбүлэһэн эбэһээтэлистибэҕэ ыйыллыбыт кэмҥэ суут буоларын ситиһиэхтэрэ. Бу да түгэҥҥэ суут буолар кэмин көһөрөр туһунан суругунан хадаатайыстыба суруйуоххун сөп, өскөтө кэмэ Эйиэхэ сөп түбэспэт буоллаҕына. Кырдьыгынан эттэххэ, Эн хадаатайыстыбаҕын син биир ол табыгаһа суох күҥҥэ көрүөхтэрэ. Хайдах да буолбутун иһин, суут сокуонунан Эйиэхэ бэбиэскэ ыытан биллэриэхтээх. Уопсайынан, кэлии туһунан эбэһээтэлистибэ суут-сокуон өттүнэн туох да күүһэ суох, онон илии баттаан баран умнан кэбиһиэххэ сөп.
СМС нөҥүө биллэриигэ сөбүлэһии
Сороҕор суут буоларын эбэтэр полицияҕа кэлэриҥ туһунан СМС-биллэриигэ сөбүлэһэриҥ туһунан илии баттыырга этэллэр. Биһиги сүбэбит маннык: сөбүлэһимэ, тоҕо диэтэххэ быраабы араҥаччылааччылар бу ньыманы бэйэлэрин туһаларыгар туһана сатыыллар, кэлиэхтээх күнүҥ иннинэ эрэ ыыталлар. Бу көмүскэтээччилэргэ суукка (эбэтэр полицияҕа кэпсэтиигэ) үчүгэйдик бэлэмнэнэргэ уонна көмүскээччини була охсорго кыах хаалларбат.
Маннык сөбүлэһиини регистрациялаах сиргиттэн атын эрэ сиргэ олорор буоллаххына илии баттыыр көдьүүстээх (ону да, ол аадырыстан ким да Эйиэхэ кэлбит бэбиэскэлэри тута ылан Эйиэхэ утааран испэт буоллаҕына).
Тарбах суолун туттарыыттан батыныы
Өскөтө Эн тарбах суолун туттарартан эбэтэр хаартыскаҕа түһэртэн батыммыт буоллаххына, батынар туһунан докумуоҥҥа илии баттата сатыахтарын сөп. Үөһэ суруллубутун курдук, бу процедуралартан батынар бырааптааххын. Онон суругунан аккаас (батыныы) суут-сокуон өттүнэн туох да күүһэ суох — илии баттыаххын да сөп, баттыа да суоххун сөп.
Доппуруос
Полиция отделыгар силиэдэбэтэл кэлиэн уонна митиҥҥэ сыһыаннаах холуобунай дьыаланан доппуруостуон сөп. Силиэдэбэтэлтэн аатын-суолун, дуоһунаһын ыйыт, сурунан ыл.
Туоһу быһыытынан доппуруостуур түгэннэригэр, сокуон этэринэн, батынар кыаҕыҥ суох (УК 308 ыст.). Ол эрээри Эн ыйытыыга хоруйу умнан кэбиһиэххин эбэтэр билиэ суоххун сөп. Ону таһынан Конституйция 51-с ыстаатыйатын туһанан, өскөтө Эйигин утары туһаныллыан сөптөөх ыйытыы дии санаатаххына, хоруйдуо суоххун сөп. Өскөтө Эн политикаҕа сыһыаҥҥын ыйытар буоллахтарына хоруйдууртан батынар бырааптааххын, Конституция 29-с ыстатыйатын 3-с ч. ону көҥүллүүр: «Никто не может быть принужден к выражению своих мнений и убеждений».
Доппуруос түмүгүнэн боротокуол суруллар — бэрэбиэркэлээ, кураанах сирдэригэр сурааһынна туруор.
Бастаан туоһу быһыытынан доппуруостанан баран тута уорбаланааччы эбэтэр буруйданааччы статуһугар көһүөххэ сөбүн умнума.
Полиция ханнык баҕарар кэһиитигэр
Эн маннык бырааптааххын:
1) Полиция аһаҕас линиятыгар (112) эрийэн кэһии туһунан биллэриэххин сөп — онно кэпсэтии барыта суруллан иһэр.
2) Илии баттата биэрбит боротокуолларыгар «Объяснения» (Быһаарыылар) диэн графааҕа кэһии туһунан суруйуоххун сөп. Өскөтө суруйар сир тиийбэтэҕинэ эбии лиистэ көрдөө, уонна хайаан да сүрүн лиискэ хас лиис баарын туһунан суруй.
3) Прокуратура интэриниэт-приемнайыгар суруйуоххун сөп.
4) Полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар полиция үлэһитин дьайыытыгар эбэтэр ирдэбилгэ сөп түбэспэт усулуобуйа туһунан үҥсүү суруйуоххун сөп. Үҥсүүгүн хаартыскаҕа түһэрэн ыл, КУСП талонун бэйэҕэр ыл.
5) Ханнык баҕарар кэһиини тиһэн ис (фото/видео, туоһулар контаактарын ылан ис). Бу кэһиини суукка дакаастыырга көмө буолуо.
Кэһии тутуллубут дьоҥҥо барыларыгар биир буоллаҕына (холобур автозак эбэтэр отдел ирдэбилгэ хоруйдаабат усулуобуйалаах буоллаҕына, албакааты киллэрбэтэхтэринэ), уопсай аагы оҥоруохха сөп. Барыллаан маннык буолар:
“Дата, время: [күнэ-дьыла, кэмэ]
Акт
Мы, нижеподписавшиеся, составляем данный акт о том, что мы были задержаны в вышеуказанную дату и доставлены в автозаке в ____ отдел полиции. [салгыы автозакка уонна отделга буолбут бары кэһиилэри ыйыҥ, отдел аатын ыйыҥ, полицейскайдар ааттарын ыйыҥ].
ФИО, подпись [Аатыҥ-суолуҥ, илии баттааһыныҥ]
ФИО, подпись».
Куруук көстөр кэһиилэр (толору испииһэк буолбатах):
- хаайбат ыстатыйанан (по неарестной статье) 3 чаастан ордук туталлар (КоАП 27.5 ыст.)
- наһаа уһуннук илдьэллэр уонна (эбэтэр) отдел аттыгар автозакка туталлар
- бэйэлэрин ааттарын-суолларын, дуоһунастарын уонна тутуу төрүөтүн эппэттэр
- кэһэтээри суоһурҕаналлар
- туталларыгар бааһырдыбыттар уонна кырбаабыттар
- төлөпүөннэппэтэхтэр/аймахтаргар биллэрбэтэхтэр (КоАП 27.3 ыст. 3-с ч.) малгын, ол иһигэр төлөпүөҥҥүн, былдьаабыттар. Ол туһунан кэрэһиттэр баалларыгар боротокуол суруйбатахтар эбэтэр видеоҕа устубатахтар
- пааспаргын былдьаабыттар
- отделга хаартыскаҕа түһэрэри боболлор
- хаартыскаҕа түһэрбиттэр/тарбаҕыҥ суолун ылбыттар (бэйэҥ сөбүлэҥиҥ суох инньэ гынар кыахтара суох — «Полиция туһунан» ФЗ 13 ыст. 19 п.)
- албакааты киллэбэтэхтэр (Конституция 48 ыст. кэһии)
- автозакка ирдэбилгэ сөп түбэспэт усулуобуйалаах (сибиэһэй салгына суох автозакка хас да чаас олордоллор, автозакка олорор олбох суох)
- отделга ирдэбилгэ сөп түбэспэт усуолуобуйа (передача биэрбэттэр, ас-үөл/уу 3 чаастан ордук биэрбэттэр, турарга эбэтэр муостаҕа олорорго күһэйэллэр, туалекка таһаарбаттар уо. д. а.)
- полицейскайдар санитарнай нуорманы тутуспаттар: мааска уонна бэрчээкки кэппэттэр, антисептик суох, социальнай разметка суох
Полиция отделыттан таҕыстыҥ да, кыах баар буолаатын кытта, биһиэхэ суруй — биһиги бу кэһиилэргэ үҥсүү суруйарга көмөлөһүөхпүт.
Полицияҕа хонуу
Өскөтө дьаһабыл хайыылаах ыстатыйаны сыбыыр буоллахтарына Эйигин полицияҕа суукка диэри хаалларыахтарын сөп, ол эрээри 48 чаастан ордуга суох болдьоххо.
Полицияҕа хонноруу саамай элбэхтик туттуллар ыстатыйата — «митинговай» КоАП 20.2 ыст. хаайыылаах чаастара (холобур, 6.1 ч.):
6.1. Олоҕу хааччыйар эбийиэктэр, тырааныспар уонна социальнай инфраструктураларын үлэтин кэһиигэ, сибээс, сатыы дьон хаамыытыгар уонна (эбэтэр) тырааныспар көлөтүн хамсааһыныгар харгыһы таһаарбыт биитэр гражданнар олорор дьиэлэригэр киириилэрин эбэтэр тырааныспарга, социальнай тэрилтэлэргэ дьон киирэрин бохсууга тиэрдибит санкцияламматах мунньахха, миитиҥҥэ, демонстрацияҕа, хаамыыга эбэтэр пикеттээһиҥҥэ кыттыы гражданнарга уон тыһыынча солкуобайтан сүүрбэ тыһыынча солкуобайга диэри кээмэйдээх ыстыраабы анааһыҥҥа тиэрдэр, биитэр сүүс чааска диэри күһэлэҥ үлэни анааһыҥҥа, эбэтэр уон биэс сууккаҕа диэри даьаһабыл хаайыыга; сололоох дьоҥҥо — биэс уон тыһыынча солкуобайтан сүүс тыһыынчаҕа диэри; тэрилтэлэргэ — икки сүүс тыһыынча солкуобайтан үс сүүс тыһыынчаҕа диэри.
Тутууну уһатарга өссө биир ньыма — КоАП 19.3 ыстатыйата:
КоАП, 19.3 ыстатыйа «Полиция үлэһитин сокуоннай дьаһалын толорбот буолуу»
Полиция үлэһитин, байыаннай сулууспалаах эбэтэр холуобунай-толорор систиэмэ үлэһитин биитэр национальнай гвардия үлэһитин уопсастыба бэрээдэгин уонна куттала суох буолуутун хааччыйар үлэтин кытта ситимнээх сокуоннай дьаһалын эбэтэр ирдэбилин толорбот буолуу, ону тэҥэ сулууспалаах эбээһинэһин толорорун туорайдаһыы — биэс мөһөөк солкуобайтан биир тыһыынчаҕа диэри ыстыраап ананарыгар эбэтэр уон биэс сууккаҕа диэри дьаһабыл хаайыы ананарыгар тиэрдэр.
Үрдүкү суут 2018 сыл бэс ыйыгар биэрбит быһаарыытыгар: публичнай мероприятыгар кыттан тутуллубут дьоҥҥо КоАП 19.3 ыстатыйатын (полиция үлэһитин сокуоннай ирдэбилин истибэтэх дьоҥҥо) туһанар бобуллар: бу дьайыылар КоАП 20.2 ыстатыйатыгар сөп түбэһэллэр, — диэбитэ (бу ыстатыйа хаайыыта суох).
Полиция үлэһиттэригэр ону быһааран көр, ол эрээри Үрдүкү суут быһаарыыта кинилэри тохтотуо дии санаама. Туох да буолбутун иһин холку буол уонна айдааны тарда сатаама.
РФ Үрдүкү Суутун Пленумун 26.06.2018 тахсыбыт N 28 уурааҕа, 33 пууна
Публичнай тэрээһин кыттааччыта былаас ыйыллыбыт бэрэстэбиитэлин сокуоннай ирдэбилин эбэтэр дьаһалын толорбот буолуута, ону таһынан кини уопсастыбаҕа бэрээдэги хааччыйан, гражданнар куттала суох буолууларын уонна публичнай тэрээһини ыытыыга сокуону тутуһууну хааччыйан сулууспатын толоруутун туорайдаһыы КоАП 20.2 ыстатыйатын 5-с чааһынан квалификацияланыахтаах. Бу сырыыга ити ыстатыйа КоАП 19.3 ыстатыйатын 1 чааһын ситэрэн биэрэр.
Ардыгар уулусса аахсыйатын кэмигэр тутуллубут дьону бытархай күлүгээннээһиҥҥэ буруйдууллар, бу эмиэ тутуллубут киһини 3 чаастан ордук тутары көҥүллүүр (КоАП 20.1 ыст.):
КоАП, 20.2 ыстатыйа 6.1 чааһа.
1. Бытархай күлүгээннээһин, ол аата уопсастыбаны ытыктаабатын көрдөрөн, уопсастыбаннай сиргэ быдьар тыллары туттан, гражданнарга дьоһуннарын түһэрэн сыстаҥнаан, ону тэҥэ туора киһи баайын-дуолун суох гынан эбэтэр алдьатан, уопсастыба бэрээдэгин кэһии — биэс мөһөөк солкуобайтан биир тыһыынчаҕа диэри дьаһабыл ыстыраабы анааһыҥҥа тиэрдэр эбэтэр уон биэс сууккаҕа диэри дьаһабыл хаайыыга тиэрдэр.
Үөһэ этиллибин курдук, 3 чаастан ордук туппут буоллахтарына аһынан-үөлүнэн, уунан уонна хонор сиринэн хааччыйыахтаахтар. Аһылык сылаас буолуохтаах (РФ Бырабыыталыстыбатын 16.04.2012 тахсыбыт 301 нүөмэрдээх уурааҕын 21-22 п.). Үксүн итии уу кутан түргэнник оҥоһуллар пюре биэрэллэр.
(Олорор усулуобуйа мөлтөх буоларыгар бэлэм буол, оттон аһы-үөлү отой да аҕалыа суохтарын сөп.
Өскөтө дьаһалынан тутуллубуттар камераларыгар (камера административно задержанных, КАЗ, «обезьянник») угаары гынар буоллахтарына, полицейскайдар бастаан туох ыарыылааххын ыйытыахтаахтар. Ол түмүгүн тутуу боротокуолугар киллэриэхтээхтэр.
РФ Бырабыыталыстыбатын 16.04.2012 тахсыбыт N 301 «Тутуллубут дьон РФ Ис дьыалатын министэристибэтин олохтоох уорганнарыгар хайдах усулуобуйаҕа олоруохтаахтара, аһыыр нуормалара уонна мэдиссиинискэй өҥөннөн туһаныыларын бэрээдэгин туһунан балаһыанньаны бигэргэтии туһунан» уурааҕа, 5-с пуун.
5. Тутуллубут киһини аналлаах хоско угуон иннинэ полиция үлэһитэ киниттэн хроническай ыарыылааҕын уонна доруобуйатын туругар үҥсүүлээҕин ыйытыахтаах. Ыйытык түмүгэ тутуу туһунан боротокуолга киирэр.
Камераҕа (КАЗ) эр дьон дьахталлартан туһунан угуллуохтаахтар, сокуоннай саастарын ситэ иликтэр — улахан дьонтон туһунан, чөл туруктаах дьон — сыстыганнаах ыарыы сибикилээх (симптомнаах) дьонтон туспа.
РФ Бырабыыталыстыбатын 16.04.2012 тахсыбыт N 301 «Тутуллубут дьон РФ Ис дьыалатын министэристибэтин олохтоох уорганнарыгар хайдах усулуобуйаҕа олоруохтаахтара, аһыыр нуормалара уонна мэдиссиинискэй өҥөннөн туһаныыларын бэрээдэгин туһунан балаһыанньаны бигэргэтии туһунан» уурааҕа, 14-с пуун.
14. Аналлаах хоско тус туһунан угуллаллар:
дьахталлар уонна эр дьон;
сокуоннай сааһын ситэ илик уонна сиппит дьон;
сыстыганнаах ыарыы сибикилээх дьон.
«Обезьянникка» орто туруктаах эбэтэр ыарахан туруктаах (состояние средней тяжести и тяжелое) ыарыылаах эбэтэр баастаах (эчэйиилээх) дьону, сахарнай диабеттаах (орто уонна ыарахан истиэпэннээх) уонна хат дьахталлары угуо суохтаахтар (301 нүөмэрдээх 16.04.2012 тахсыбыт РФ Бырабыыталыстыбатын уурааҕын 15 п.)
Өскөтө Эйиэхэ эбэтэр тутуллааччылартан кимиэхэ эмит оннук кыһалҕалаах буоллахтарына, ону справканан эбэтэр медиктар заключениеларынан бигэргэтэр ирдэнэр. Оннук кумааҕы бэйэҕин кытта суох буоллаҕына, скорайда ыҥыралларын модьуй — оччоҕо быраастар ыарыыгын бигэргэтиэхтэрин сөп.