Хайдах көмүскэниэххэ сөбүй?

Биһиги бу сирэйи уонна онно сыһыарыллар ыйыылары-кэрдиилэри Арассыыйа уонна урукку ССРС 18 тылларыгар тылбаастаатыбыт. Ким баҕарар бэйэтин быраабын көмүскүүр туһунан төрөөбүт тылынан ааҕар бырааптаах дии саныыбыт. Инникитин өссө элбэх ыйыыны-кэрдиини өссө элбэх тылга тылбаастыахпытын баҕарабыт. Өскөтө эһиги эмиэ бу үлэни суолталаах дии саныыр буоллаххытына, бука диэн, биһиги үлэбитин өйөөҥ — ол тылбаасчыттар үлэлэрин төлүүргэ көмө буолуоҕа. Эбэтэр волонтер буолуҥ: ол туһугар волонтердарга анаан оҥоһуллубут боту арыйан, /start диэни баттааҥ уонна анкетабытын толоруҥ.

Өйүүргэ 

Волонтер буолуу

Бэлиитикэттэн сылтаан сойуолаһыы кутталын уонна содулун кыччатар ыйыылары-кэрдиилэри уонна сиэрбистэри биир сиргэ мустубут. Өскөтө ыйытыылаах уонна этиилээх буоллаххытына, биһиги почтабытыгар суруйуҥ [email protected].

Бырайыак туһунан

ОВД-Инфо — быраабы көмүскүүр тутулуга суох медиа бырайыак, соруга — Арассыыйаҕа бэлиитикэттэн сылтаан сойуолаһыыны букатыннаахтык тохтотуу. Ол туһугар биһиги бырачыас аахсыйаларыгар тутуллубут дьон туһунан уонна атын бэлиитикэ репрессияларын тустарынан информацияны хомуйабыт уонна бэчээттиибит, тутуллубуттарга суут-сокуон өттүнэн көмөлөһөбүт уонна киһи быраабын уонна көҥүлүн эйгэтин төрдүттэн уларытарга үлэлиибит.

Бэлиитикэттэн сылтаан тутуу-хабыы, үлэттэн ууратыы, доппуруос, дьэҥдьиир уонна хаайыыга угуу Арассыыйаҕа күн аайы кэриэтэ буолар. Пааркалары көмүскээччилэр, дальнобойщиктар, албыннаппыт дольщиктар, хоруупсуйаны утары охсуһааччылар, быыбардааччылар, бэлиитиктэр, гражданскай активистар уонна алҕас ааһан испит дьон кытта манныкка түбэһэллэр. 2022 сыллаахтан репрессиялар сэриини утары аһаҕастык этинэр дьону хаарыйар буоллулар.

Өскөтө Эйигин таһырдьа буола турар аахсыйаҕа туппут буоллахтарына, бэлиитикэҕэ көрүүлэриҥ эбэтэр сэриини утарарыҥ иһин сойуолуур буоллахтарына — ОВД-Инфо правовой ботугар суруй эбэтэр биһиэхэ аһаҕас линияҕа бу нүөмэринэн эрий 8 800 707-05-28.

Өскөтө ОВД-Инфону кытта албакаат эбэтэр уопсастыбаннай көмүскээччи быһыытынан үлэлэһиэххин баҕарар буоллаххына, бука диэн, анкетаны толор. Албакаат статуһуҥ суох буоллаҕына, эбэтэр сууттарга улахан уопутуҥ суох буоллаҕына, биһиги оҥорбут уопсастыбаннай көмүскээччи кууруһугар үөрэн диэн сүбэлиибит.

  • Полицейскайдарга ааны арыйыа суохха сөп дуо?

    Сөп. Конституция 25 ыстатыйатынан дьиэ тыытыллыбат. Суут быһаарыыта суох буоллаҕына, эбэтэр сокуон ыйбыт түбэлтэтэ буолбатах буоллаҕына, ким да дьиэҕэ олорор дьон көҥүлэ суох онно киирэр бырааба суох. Оннук түбэлтэлэр «Полиция туһунан» сокуон 15 ыстатыйатыгар сурулла сылдьаллар:

    • дьон олоҕун эбэтэр кинилэр баайдарын-дуолларын быыһыырга, күргүөмүнэн бэрээдэги кэһии эбэтэр ыксаллаах быһыы-майгы кэмигэр дьон эбэтэр дьон-сэргэ куттала суох буолуутун хааччыйарга;

    • буруйу оҥорууга уорбаланар дьону тутууга;

    • буруйу оҥорууну тохтотууга;

    • оһоллонуу түбэлтэтэ буолбут быһыытын-майгытын быһаарарга.

    Атын буоллаҕына полицейскай Эн дьиэҕэр бэйэҥ эрэ көҥүллээтэххинэ киирэр бырааптаах.

  • Ыстыраап хайдах төлөнөрүй уонна төлөөбөтөххө туох буоларый?

    Ыстырааптаммыт киһи ыстыраабын суут быһаарыыта олоххо киирбитин кэннэ эбэтэр отсрочка биитэр рассрочка болдьоҕо ааспытын кэннэ 60 хонук иһигэр төлүөхтээх. Баан нөҥүө төлүүр ордук, «Госуслуги» нөҥүө төлөөтөххө алҕастар тахсыылара элбиир. Төлөбүр квитанциятын куоппуйатын хайаан да суукка ыытар ирдэнэр.

    Ыстыраабы төлөөбөтөххө накаастабыл көрүллэр: бастакы ыстыраап икки төгүлүн саҕа эбии ыстыраап, 15 сууккаҕа диэри хаайыы эбэтэр 50 чааска диэри булгуччулаах үлэ.

     

  • Эйиэхэ холуобунай дьыала көбүтүллүбүтүн туһунан хайдах билиэххэ сөбүй?

    • Өскөтө дьыаланы көбүтүөн сөп уорган эбэтэр отдел биллэр буоллаҕына, эбэтэр дьыала ыытыллыбыт суута биллэр буоллаҕына, албакааты кытта кэпсэтиэххэ сөп. Кини адвокатскай запрос оҥоруон сөп эбэтэр суукка баран суут матырыйаалларын кытта билсиэн сөп.

    • МВД саайтыгар көрдөөһүн баазатыгар (база розыска) көрдөөн көрүөххэ сөп (онно анаан атын электрон почтата оҥостор ордук — оччоҕо куттал суоһуура кыччыа). Итиннээҕэр арыый табыгастаах ньыма — «Медиазона» баазата, ол эрээри өскөтө дьыаланы соторутааҕыта көбүппүт буоллахтарына, ол баазаҕа киирэ илик буолуон сөп — онон иккиэннэригэр көрөр ордук.

    • Маны таһынан «Госуслугаҕа» сууттаныы эбэтэр сууттаныы суоҕун туһунан справканы көрдүөххэ сөп. Биир ыйынан оҥорон биэриэхтээхтэр. Өскөтө дьыаланы көбүппүт түгэннэригэр, ол эрээри суукка тиийэ илик буоллаҕына, справкаҕа УК ыстатыйатын нүөмэрин ыйыахтара. Өскөтө Эйиэхэ административнай дьыала көбүтүллүбүт буоллаҕына, докумуоҥҥа ону эмиэ ыйыахтара.

    • Өскөтө «экстремистыы» уонна «террористыы» ыстатыйаларынан көбүтүөхтэрин сөп буоллаҕына, бэйэҕин Росфинмониторинг испииһэгэр көрдөө — онно уорбаланааччылары уонна буруйданааччылары киллэрэллэр. Испииһэк саҥардыллыытын Телеграмынан кэтээн көрүөххэ сөп.

    • Өскөтө хааччахтыыр миэрэни талбыт буоллахтарына, ол туһунан олорор сириҥ эбэтэр регистрациялаах сириҥ суутун саайтыгар булуохха сөп. Москуба сууттарын саайтыгар табыгастаах көрдүүр тиһик баар. Атын куораттар сууттарыгар хас биирдиилэригэр туспа киирэн көрүөхтээххин. Онно «Судебное делопроизводство» диэн салааны булаҕын, «Поиск информации по делам» диэҥҥэ киирэҕин, уонна «Выбрана картотека поиска» диэн салааҕа «Изменить» диэни баттыыгын, онтон «Производство по материалам» диэни талаҕын уонна бэйэҥ ааккын суруйаҕын.

     

    Хомойуох иһин хайа да ньыма чопчу, саарбаҕа суох түмүгү биэрбэт.

     

Быраап ыйыылара-кэрдиилэрэ